Салгыы
Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ көхтөөх ааҕааччыларын түмтэ

Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ көхтөөх ааҕааччыларын түмтэ

28.01.2025, 19:00
Бөлөххө киир:

Ааспыт субуотаҕа, тохсунньу 25 күнүгэр, В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ сонун тэрээһин буолан ааста.

Бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаата быйылгы сыллаах үлэтин «Ааҕыыга, кинигэҕэ, билиигэ  кэрэхсэбили үөскэтиигэ  бииргэ үлэлэһэр  доҕотторбут — аттыбытыгар» диэн көрсүһүүнэн саҕалаата. Тэрээһин хас биирдии көхтөөх кыттааччытыгар Ыҥырыы сурукка “санааҕын атастаһан, сонун этиитэ киллэрэн, үлэбит ис хоһоонун байытыс” диэн эрдэттэн этиллибит буолан, бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр туһаайыллыбыт бэрт үгүс кэрэхсэбиллээх этии киирдэ.

Кыраайы үөрэтэр салаа сүрүн бибилэтиэкэрэ Айталина Прядезникова хас биирдии ыҥырыылаах ыалдьыкка ааспыт сылга бибилэтиэкэ ыытар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтээн туран, Махтал суруктары туттарда.

Сүрүннүүр бибилэтиэкэрдэр Екатерина Попова уонна Саргылана Колесова ыҥырыылаах ыалдьыттарын кытта бэрт иһирэх кэпсэтиини тэрийдилэр, бибилэтиэкэ үлэтигэр бэйэлэринэн кыттан, араас тэрээһиннэри ыытар дьоннорун санааларын иһиттилэр, кинилэр этиилэрин  болҕомтоҕо ыллылар.

Тулагы-Киллэм бөһүөлэгэр өр сылларга бибилэтиэкэринэн үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор бибилэтиэкэ волонтера Елена Готовцева кинигэ тутуурдаах, нууччалыы эттэххэ, «персонажтары» анаан мунньар уопуттаах кэлэксийэниэр эбит. Быйыл Саҥа дьылга оҕолоро киниэхэ долбуурдаах харыйаны анаан булан бэлэх ууммуттар.

Елена Михайловна кэлиэксийэлэрэ бу долбуурдары барытын толорон кэбиспиттэр. Кырдьык да, киһи сөҕөр, кинигэ тутурдаах кутуйаҕы, эбисийээнэни, куобаҕы ылбычча кэлэксийэниэр көрдөөн булара саарбах. Төһөлөөх өр сыл кичэллээхтик маннык хомуйуохха сөбүй диэн сөҕөҕүн эрэ.

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын литературнай чааһын үлэһитэ Надежда Осипова ааҕааччылар норуот сөбүлүүр артыыстарын кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтиилэрин, кинилэр интэриэстэринэн айар биэчэрдэри, тыйаатырга экскурсия тэрийэн, «Белиҥкэ» ааҕааччыларын кутун туппута.

«Тыйаатыр тыыннаах эйгэ үөскүүр сирэ. Ол иһин дьон Аҕа дойду сэриитин туһунан испэктээктэри илэ көрөн олорон, дууһаларыгар ордук ылыналлар. Бибилэтиэкэ эмиэ маннык тыыннаах эйгэни тэрийиэн, үөскэтиэн наада. Ордук ыччаттарга, устудьуоннарга, обургу кылаас оҕолоругар.  Биллэн турар, билигин куйаар ситимэ күүскэ сайдан, ыччат, обургу оҕо бибилэтиэкэҕэ кэлэрэ аҕыйах. Ол эрээри олоххо көхтөөх ыччаты булан, кинилэри бииргэ мунньан, Аҕа дойду көмүскээччилэрин сылыгар Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу тиэмэтигэр араас кэпсэтиилэри, көрсүһүүлэри, «төгүрүк остуоллары» тэрийиэххэ сөп. Мин оннук тэрээһиҥҥэ ыҥырдаххытына үөрүүнэн кэлэн, кыттыыны ылыам«, — диэн санаатын тиэртэ Надежда Осипова.

Бибилэтиэкэ — дойду устуоруйатын, култууратын көрдөрөр, түмэр сир буолан, ханнык да тыйаатыртан, мусуойтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.  Тоҕо кыаллыа суоҕай, фронтовик-бэйиэттэр, суруйааччылар хоһоонноруттан, кэпсээннэриттэн быһа тардан, бу кураанах турар истиэнэлэргэ ыйаан кэбиһэр.  Ама, ким тохтоон  көрбөт буолуоҕай ону? Ыччаттар сэриигэ сылдьыбыт маннык бэйиэттэр, суруйааччылар бааллар эбит… диэн кэрэхсээн, өйдөөн хаалыахтар этэ, — диэн санаатын тиэртэ «Белиҥкэ» араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кыттар суруйааччы Елена Слепцова-Куорсуннаах.

Дьокуускай к. 23 №дээх орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала, дириэктэр иитэр үлэҕэ сүбэһитэ Вера Гаврильева аныгы оҕо Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдарын ааттарын билбэттэрин бэлиэтээн туран, «дьиэ кэргэннэри оҕолуун, төрөппүттүүн түмэн, биир уопсай тэрээһини ыытар буоллар» диэн санаатын эттэ.

— «Өлбөт үйэлээх полк» хамсааһын саҕаланыаҕыттан ыла дьиэ кэргэнинэн бэйэлэрин хос эһээлэрин, эбээлэрин туһунан билэр киһи ахсаана биллэ элбээбитэ, дьиэ кэргэн устуоруйата сыаннас буола түспүтэ. Онон бибилэтиэкэ дьиэ кэргэни түмэр киининэн буолуон наада, — диэн бэлиэтээтэ көхтөөх учуутал-ааҕааччы.

Бибилэтиэкэҕэ кылааһын оҕолорун өрүү илдьэ кэлэр 7 №-дээх орто оскуола алын сүһүөх кылааһын учуутала, эмиэ дириэктэр сүбэһитэ Ирина  Винокурова ааҕааччы кэмпириэнсийэтин кыра оҕоттон саҕалаан ыытарга этии киллэрдэ.

Историческай наука кандидата, авиационнай училище преподавателэ Владимир Пестерев Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт 110 саха снайперын, Саха сириттэн уоттаах кыргыһыыга 26 лүөччүк сылдьыбытын үөрэтэн  булбутун туһунан бэлиэтээн туран, «бибилэтиэкэ ыытар тэрээһиннэригэр өрүү кыттар киһи быһыытынан, бу тиэмэлэргэ ыччаттары, оҕолору кытта көрсүһүү ыытыахпын  сөп» диэн санаатын тиэртэ.

Ити курдук, бэйэлэрин  алгысчыт, уйулҕаһыт, оҕо бибилэтиэкэрэ Тайаана Никифорова, бибилэтиэкэ бэтэрээнэ Мария Неймохова, бибилэтиэкэ волонтера Октябрина Корнилова санааларын эмиэ эттилэр.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, бибилэтиэкэ чугас доҕотторо бары бэйэлэрин тыл этиилэрин «мин маннык көмөлөһүөм, мин итинник тэрийиэм» диэн түмүктүүллэрэ, кырдьык да, бу дьон кыраайы үөрэтэр салааны кытта ыкса сибээстээхтэрэ, өссө да салгыы үлэлиир былааннаахтара көһүннэ.

РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев «Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕын оҕото буоларым быһыытынан, кэлин сааһыран баран аҕам тыыннааҕар хайдах сэриилэспитин сиһилии кэпсэтиннэрбэккэ, ахтыытын сурукка тиспэккэ хаалбыппыттан кэмсинэбин. Онон байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын ыҥыран, ааҕааччылары кытта эмиэ көрсүһүннэриэххэ наада этэ» диэн санаатын тиэртэ.  Уонна «саха норуотун олоҥхоһуттара, тойуксуттара, ырыаһыттара бары да олоххо тардыһыы күүһүн уруйдууллара-айхаллыыллара, инникигэ эрэллээхтэрин туойаллара. Онон мин Сергей Зверев-Кыыл Уола «Сарсын-сарсын сарсыарда» диэн ырыатын ыллаан туран, «сарсыҥҥыгыт өрүү кэскиллээх былааннаах  буоллун!» диэн барыгытын алгыыбын!» диэн бэртээхэй дириҥ ис хоһоонноох санаа атастаһар дьоро тэрээһини түмүктээтэ.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
30 января
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: