Кырачааммыт диэбэттэр
«Биһиги киһибит кырата бэрт» дэһэҕит. Онтон Кэбээйи «Мичээр» оҕону сайыннарар киин 2-3 эрэ саастаах «Күнчээн» бөлөҕүн иитиллээччилэрэ үтүө санаа аахсыйаларыгар харса суох кытталлар. «Күнчээн» бөлөхтөр сырдык уйаларын өҥөйөн көрүөххэ эрэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит «Разделяя-сохраняем» бэстибээлгэ Кэбээйи орто оскуолата кыттабыт диэн, «Добрые крышечки», «Сдай батарейку – спаси планету!» экологическай аахсыйа биллэрбитэ, онно «Күнчээн» иитээччилэрэ бэйэлэрин иитиллээччилэрин кытыннардылар. Ол түмүгэр 110 устуука утах хаппаҕа, 89 туһатыттан тахсыбыт батарейкалар хомулланнар орто оскуолаҕа илдьэн туттарылыннылар.
Маны таһынан «Күнчээннэр» өбүгэлэрин үгэһин сөргүтэн, сылгы кылыттан кып-кыра ытыстарын дуомугар эрийэн мээчик оҥороллор. Кинилэр кыттыспыт ити оҥоһуу мээчиктэрэ массажер буолан, байыаннай дьайыыттан эмсэҕэлээн кэлэн Москуба куорат госпиталларыгар эмтэнэ сытар биир дойдулаахтарыгар тиийэрин билбэттэр. Кыралара бэрт буоллаҕа. Ол эрээри кырачааннар илиилэрин иминэн, тарбахтарынан таарыйбыт мээчиктэрин Кэбээйи волонтердара иилээн-саҕалаан, дойду тэбэр сүрэҕэр «Сахаволонтер» түмсүү көмөтүнэн тириэрдиэхтэрэ.
Биллэн турар, кырачаан дьон тугу оҥороллорун ис хоһоонун ырыҥалаан өйдөөбөттөр, ол гынан баран иитээччилэр оҕону үтүөҕэ-кэрэҕэ, болҕомтолоох буолууга такайа үөрэтиилэрэ бу бэйэлэрин суоллара-иистэрэ, ньымалара буолар.
Татьяна Максимова-Лазарева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: