Кырачааммыт диэбэттэр

Share

«Биһиги киһибит кырата бэрт» дэһэҕит. Онтон Кэбээйи «Мичээр» оҕону сайыннарар киин 2-3 эрэ саастаах «Күнчээн» бөлөҕүн иитиллээччилэрэ үтүө санаа аахсыйаларыгар харса суох кытталлар. «Күнчээн» бөлөхтөр сырдык уйаларын өҥөйөн көрүөххэ эрэ.

Хаартыскалар: Татьяна Максимова-Лазарева түһэриилэрэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит «Разделяя-сохраняем» бэстибээлгэ Кэбээйи орто оскуолата кыттабыт диэн,  «Добрые крышечки», «Сдай батарейку – спаси планету!» экологическай аахсыйа биллэрбитэ, онно «Күнчээн» иитээччилэрэ бэйэлэрин иитиллээччилэрин кытыннардылар. Ол түмүгэр 110 устуука утах хаппаҕа, 89 туһатыттан тахсыбыт батарейкалар хомулланнар орто оскуолаҕа илдьэн туттарылыннылар.

Маны таһынан «Күнчээннэр» өбүгэлэрин үгэһин сөргүтэн, сылгы кылыттан кып-кыра ытыстарын дуомугар эрийэн мээчик оҥороллор. Кинилэр кыттыспыт ити оҥоһуу мээчиктэрэ массажер буолан, байыаннай дьайыыттан эмсэҕэлээн кэлэн Москуба куорат госпиталларыгар эмтэнэ сытар биир дойдулаахтарыгар тиийэрин билбэттэр. Кыралара бэрт буоллаҕа. Ол эрээри кырачааннар илиилэрин иминэн, тарбахтарынан таарыйбыт мээчиктэрин Кэбээйи волонтердара иилээн-саҕалаан, дойду тэбэр сүрэҕэр «Сахаволонтер» түмсүү көмөтүнэн тириэрдиэхтэрэ.

Биллэн турар, кырачаан дьон тугу оҥороллорун ис хоһоонун ырыҥалаан өйдөөбөттөр, ол гынан баран иитээччилэр оҕону үтүөҕэ-кэрэҕэ, болҕомтолоох буолууга такайа үөрэтиилэрэ бу бэйэлэрин суоллара-иистэрэ, ньымалара буолар.

Татьяна Максимова-Лазарева.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаар түһэр, -32…-37°С кыраадыска диэри тымныйар

Баһылайап күнүгэр, тохсунньу 14 күнүгэр, Саха сирин синоптиктара үгүс оройуоннарынан хаар түһэрин, күнүс -32...-37° диэри…

29 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Полярнай авиалиниялар” байыаннай дьайыы наадатыгар УАЗ массыынаны биэрдилэр

“Полярнай авиалиниялар” Донбасска көмө уонна өйөбүл Хотугулуу-Илиҥҥи пуондатын  бэрэстэбиитэллэригэр УАЗ массыынаны туттардылар. “Бу хардыы хампаанньа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Саха сирин военкордарын үлэлэригэр үрдүк сыанабылы биэрдэ

Арассыыйа бэчээтин күнүгэр Айсен Николаев байыаннай кэрэспэдьиэннэри кытта көрүстэ. Саха сирин баһылыга кинилэр үлэлэрин хайҕаата,…

12 часов ago
  • Маны аах
  • Сонуннар

Суруналыыс диэн кимий?

Суруналыыс суруйар Олох араас өрүтүн, Суруналыыс саралыыр Олох араас мөкүтүн.   Кини хорсун , кырдьыксыт,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Аҕатын сылгыларын ырытан, дакылаат оҥордо

Бу сыл тохсунньу ый 10-11 күннэригэр “Инникигэ хардыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-ҕа биһиги оскуолаттан 7 кылаас үөрэнээччитэ…

13 часов ago
  • Быһылаан

Сунтаар олохтооҕо билэр киһитин өлөрбүт

Сунтаар улууһун олохтооҕо билэр киһитин быһаҕынан биэстэ анньан өлөрөн тутулунна.  СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрэринэн, тохсунньу…

14 часов ago