Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Share

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. 

Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн суруйаллар.

  • Кыһыл өҥ баһыйар буоллаҕына, оҕо үлэһит, ол эрээри биир сиргэ таба олороро, болҕомтолоох буолара уустук. Онон утуйар хоһугар от күөҕэ дьүһүн баһыйара ордук, оҕо уоскуйар.
  • Араҕас өҥ — айар дьоҕура сайдыбыт. Мэниктиирин, дьээбэлэнэрин сөбүлүүр. Ол иһин кыһыл уонна үрүҥ өҥнөрүнэн хараҕын сымнатаргыт ордук.
  • Халлаан күөх — кини холку майгылаах. Толкуйдаан, ырыҥалаан баран хамсанарын сөбүлүүр. Соҕотоҕун сылдьарын ордорор. Кытарымтыйар саһархай эбэтэр оруосабай өҥнөр соҕотохсуйуутуттан  көмүскүөхтэрэ.
  • От күөх — оҕо тапталы ситэри билбэтиттэн  тахсыан сөп. Бэйэтин умнууга барбыт, быраҕыллыбыт курдук сананыан сөп.
  • Фиолетовай өҥ — оҕо олус баай фантазиялаах, оҥорон көрө-көрө кэпсиир, айа-тута сатыыр буолуон сөп.

Саха ыалын халандаарыттан, 2015 c.

«Айар» («Бичик») кинигэ кыһата.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
1
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

5 часов ago