Кырачааннарга утумунан бэриллэр 40-тан тахса ыарыыны бэрэбиэркэлиэхтэрэ
2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дойдуга барытыгар, ол иһигэр Саха сиригэр, киэҥ хабааннаах неонатальнай скрининг бырагыраамата үлэлиэҕэ. Өскөтүн урут саҥа төрөөбүт кырачааннары утумунан бэриллэр 5 ыарыыга бэрэбиэркэлиир буоллахтарына, быйылгыттан ыла 36 нозологияҕа тест эбилиннэ.
Онуоха наадалаах уларыйыылары “Доруобуйа харыстабылын сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэрдилэр, ону РФ бырабыыталыстабата бигэргэттэ.
Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы лабораторияларга ыытыллар скрининнэр түмүктэринэн, утумунан бэриллэр ыарыы куттала быһаарыллар. Түмүк “+” буоллаҕына, Москваҕа Бочков аатынан мэдиссиинэ-генетика научнай киинигэр эбии бигэргэтэр чинчийии оҥоһуллар. Неонатальнай скрининг икки төгүллээх бэрэбиэркэтэ түмүк кырдьыктаах буоларын хааччыйар.
«Кырачааннарга неонатальнай скринины оҥоруу ыарыыны кэмигэр быһаарарга, эмтээһини саҕалыырга уонна төрүөҕүттэн эбэтэр утумунан бэриллэр ыарыылаах оҕолору диспансерга кэтээн көрөргө наадалаах. Бу кырачааннар олохторун хаачыстыбатын үрдэтэр, оҕо инбэлииккэ тахсарын уонна өлүү ахсаанын аҕыйатар”, — диэн СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева быһаарда.
Эрдэ чинчийии ыарахан ыарыыны саҥа саҕалананан эрдэҕинэ буларга уонна оҕолорго наадалаах көмөнү суһаллык оҥорорго көмөлөһөр.
А.Сорокин хаартыската (СИА)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: