Кырачааныҥ ханнык өҥү ордороруй?
Кырачааныҥ ханнык өҥү ордороруй? Ону өйдөөн көрөҕүн дуо?
Оҕо уруһуйугар баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн психологтар суруйаллар.
Кыһыл өҥ баһыйар буоллаҕына, оҕо үлэһит, ол эрээри биир сиргэ таба олороро, болҕомтолоох буолара уустук. Онон утуйар хоһугар от күөҕэ дьүһүн баһыйара ордук, оҕо уоскуйар.
Араҕас өҥ — айар дьоҕура сайдыбыт. Мэниктиирин, дьээбэлэнэрин сөбүлүүр. Ол иһин кыһыл уонна үрүҥ өҥнөрүнэн хараҕын сымнатаргыт ордук.
Халлаан күөх — кини холку майгылаах. Толкуйдаан, ырыҥалаан баран хамсанарын сөбүлүүр. Соҕотоҕун сылдьарын ордорор. Кытарымтыйар саһархай эбэтэр оруосабай өҥнөр соҕотохсуйууттан көмүскүөхтэрэ.
От күөх — оҕо тапталы ситэ билбэтиттэн тахсыан сөп. Бэйэтин умнууга хаалбыт курдук сананыан сөп.
Фиолетовай өҥ — оҕо олус баай фантазиялаах, оҥорон көрө-көрө кэпсиир, айа-тута сатыыр буолуон сөп.
Саха ыалын халандаарыттан, 2015 с. («Бичик» кинигэ кыһата)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: