Салгыы
Кыраҕы харахтаах бэргэн

Кыраҕы харахтаах бэргэн

Ааптар:
20.10.2024, 14:00
ХААРТЫСКА АНДРЕЙ СОРОКИН УОННА ААПТАР ТҮҺЭРИИЛЭРЭ.
Бөлөххө киир:

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф. М. Охлопков кэриэһигэр анаммыт ырааҕы ытыы турнирын далааһына кэҥиир. Ааспыт өрөбүллэргэ, алтынньы 12–13 күннэригэр, Дьокуускай куоракка «Сулус» үөрэтэр-эрчийэр кииҥҥэ Сэбиэскэй Cойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр анаммыт ырааҕы ытыыга 2‑с Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир ыытылынна.

Күрэхтэһии аһыллыыта

Ырааҕы ытыыга турнирга бу сырыыга икки төгүл элбэх киһи кыттыбыта күрэхтэһии кэҥээн иһэрин бэлиэтиир диэн РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Бэрэсидьиэн Уһук Илин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, турнир кылаабынай судьуйата Юрий Трутнев эттэ.

Кини снайпердар иккис турнирдарын алтынньыга Саха сиригэр ыытарга диэн эппит буолан, бу сырыыга эмиэ биһиэхэ ыытылынна. Манан ыллахха, ол аата кэлэр өттүгэр бу турнир атын да сирдэргэ ыытыллыан сөп эбит. Бэлиэтээн эттэххэ, «Сулус» полигон бүтүннүү федеральнай үбүлээһининэн тутуллубута. Мантан инньэ булчуттар, ырааҕы ытыыны сэргээччилэр бу полигоҥҥа кэлэн эрчиллэр кыахтаннылар.

Юрий Трутнев бэлиэтээбитинэн, бу үлэ сыала — Арассыыйа снайперскай ускуустубатын чөлүгэр түһэрии, сайыннарыы уонна ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитии буолар. «Бу биһиги дойдубутун өссө күүстээх оҥоруоҕа. Снайпер үлэтэ олус улахан ирдэбиллээх. Байыаннай дьайыыга биһиги тыһыынчанан байыастарбыт өстөөхтөрү кытары киирсэллэр. Уолаттарбытыгар махтанабыт, кинилэртэн сорохторо бүгүн бу күрэхтэһиигэ кытта кэллилэр. Олунньутааҕы күрэхтэһиигэ олус тымныы этэ, онон ыарахан усулуобуйаҕа күрэхтэспиттэрэ. Билигин халлаан сылаас, ол эрээри күүстээх тыаллаах. Федор Охлопков турнирын квалификациятыгар кыттааччы сатабыллаах, ытар дьоҕурдаах буолуохтаах», — диэн эбэн эттэ Юрий Трутнев.

Оттон Ил Дархан Айсен Николаев өссө эрдэ, Саха сиригэр маннык үөрэтэр-эрчийэр, ытар полигон баар буолуута сахаларга уруккуттан баар снайперскай ускуустуба үгэстэрин сөргүтэргэ кыаҕы биэриэҕэ диэн этэн турар. Бу сырыыга: «Ырааҕы ытыыга Бүтүн Арассыыйатааҕы турниры тэрийии — улахан чиэс уонна эппиэтинэс. Бастакы күрэхтэһиини кытта тэҥнээтэххэ, кыттааччы ахсаана икки төгүл элбээбит — бу турнир суолтата үрдээбитин бэлиэтиир. Саха сирэ эр санаалаах, хорсун буойуннардааҕынан аатырар. Кинилэр дьоруойдуу быһыылара Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уонна байыаннай дьайыыга бэлиэтэммитэ. Билигин саха дьоно-сэргэтэ өбүгэ үгэһин үйэтитэр. Холобур, турнир Сэбиэскэй Cойуус Дьоруойа Федор Охлопков аатын сүгэр. Юрий Трутнев өйөбүлүнэн үлэҕэ киирбит бэргэн ытыы киинэ уонна манна ыытыллар тэрээһиннэр Арассыыйаҕа ырааҕы ытыыга күрэҕи сайыннарыахтара», — диэн бэлиэтээн эттэ Айсен Николаев.

«Сулус» киин

Турнир кылаабынай судьуйатын солбуйааччы, Арассыыйа Дьоруойа, гвардия майора Ярослав Якубов кыттааччылар парааттарын тэрийдэ. Бу тэрээһиҥҥэ сахалартан бастакы Арассыыйа Дьоруойа буолбут, «Сулус» үөрэтэр-эрчийэр киин дириэктэрэ Александр Колесов, Арассыыйа Дьоруойдара Николай Евдокимов уонна Родимир Максимов кытыннылар.

Икки күннээх ырааҕы ытыыга, суруналыыстары аахпатахха, кыттааччы даҕаны, көрөөччү даҕаны элбэҕэ сөхтөрдө. Манна ааттаах-суоллаах снайпердары, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, силовой структуралар үлэһиттэрин таһынан, биһиги кыраҕы харахтаах, ытыыны сэргиир отчут-масчыт, булчут эр хоһууннарбыт кытыннылар. Маны таһынан, тэрийээччилэри, бачча элбэх киһини аһатар-арыаллыыр волонтердары аахтахха, букатын элбэх киһи буолар.

Турнирга эргилиннэххэ, тэрээһин аһыллыытын кэннэ тута сэрэбиэй бырахсан, сааларын-сэптэрин бэлэмнэнэн бардылар. Кыттааччылар ааспыт сырыыга курдук, квалификационнай, «Күнүс» уонна «Түүн» диэн түһүмэхтэргэ кииристилэр. Мантан саамай уустуга квалификационнай диэн өйдөөтүм. Кыттааччылар аан бастаан маны ааһаллар. Элбэх киһи сыыйыллар, бу сырыыга биһиги, олохтоохтор, манна табыллыбатыбыт. Бастакы сүүмэрдиир күн халлаан уларыйыыта, хаар-ардах биһиги туспутугар куһаҕаннык сабыдыаллаата. Ааспыт күрэхтэһиигэ кыайбыт, бүтэһигэр диэри кыттыбыт уолаттарбыт бары туораатылар. Иккис күннээҕи күрэхтэһиигэ биэс эрэ олохтоох киһи ааспыта. Ону тыал-куус онно оруола суох, сэрэбиэй уонна эрчиллии быһаарар диэн эспиэрдэр быһаардылар.

Ким кыайда?

Иккис күн эбиэт кэннэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы ыраахтан ытыыга иккис күрэхтэһии кыайыылаахтарын чиэстээтилэр. Үөрүүлээх тэрээһини РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Бэрэсидьиэн Уһук Илин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, турнир кылаабынай судьуйата Юрий Трутнев, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Арассыыйа Дьоруойа, гвардия майора, кылаабынай судьуйа солбуйааччыта Ярослав Якубов ыыттылар.

Юрий Трутнев турниры түмүктүүрүгэр Саха сирин талбыппыт ордук — өрөспүүбүлүкэ снайпердары үүннэрэн таһаарар үтүө үгэстээх диэн бэлиэтээтэ. «Бу күрэхтэһии ытааччылар сайдар уонна инники күөнү былдьаһар кыахтарын үөскэтэр. Турнир көмөтүнэн дойдубутугар өссө элбэх үрдүк кылаастаах ытааччыны бэлэмниэхпит, эдэр дьон байыаннай-спортивнай бэлэмнэниигэ интэриэстээх буолуохтара, ол аата, снайпер маастарыстыбатын таһыма үрдүөҕэ, Ийэ дойдубут кыаҕырыаҕа», — диэн эттэ.

«Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Охлопков кэриэһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы ыраахтан ытыыга иккис турнир ситиһиилээхтик ааста. Кэлэр турнирдар эмиэ биһиэхэ ыытыллыахтара. Бу күрэхтэһии кыттыылаахтара, күн-дьыл туругун аахсыбакка, үчүгэй көрдөрүүнү ситистилэр, ол — биһиги Сахабыт сиригэр уонна бүтүн Арассыыйа үрдүнэн өбүгэлэрбит үгэстэрэ салҕанарын туоһулуур», — диэтэ Айсен Николаев.

Оттон түмүк маннык буолла. «Түүн» түһүмэх үһүс миэстэтин «Колпачок» позывнойдаах снайпер уонна «Воха» позывнойдаах корректировщик ыллылар. Иккис миэстэни эмиэ бу түһүмэххэ «Хантер» уонна «Крид» пааралара ылла. Бастакы миэстэҕэ «Түүн» түһүмэххэ «Брат» уонна «Кос» позывнойдаах ытааччылар таҕыстылар. «Күнүс» түһүмэххэ үһүс миэстэни — «Агроном» уонна «Юрич», иккис миэстэни — «Нагирнай» уонна «Бочаров», бастакыны — «Колпачок» уонна «Воха» ыллылар.

Икки түһүмэх үһүс миэстэлэрин ылбыт пааралар дойду оҥорон таһаарбыт «Аркуда» бинтиэпкэтинэн наҕараадаланнылар. Иккис миэстэни ылбыттар «ЯКТ Сокол» собуот оҥорон таһаарбыт «Сокол» вездеходун күлүүһүн туттулар. Оттон кыайыылаахтар пикап массыынанан наҕараадаланнылар. Икки түһүмэх түмүгүнэн Бойобуой снайпинг федерациятыттан уонна сэрии сэбин-сэбиргэлин оҥорооччулартан анал бириистэр: Lobaev Arms, ORSIS, «Russian Solid», уо. д.а. туттарылыннылар. Тиихэй акыйаан флотун 155‑с туспа гвардейскай байыаннай биригээдэтигэр Юрий Трутнев Raptor бинтиэпкэни тиксэрэллэригэр туттарда.

Александр Данилов, Саха сиригэр снайпинг федерациятын бэрэссэдээтэлэ:

— Бу Саха сиригэр саҥа успуорт көрүҥэ буолар. Биһиги, сахалар, спортинг — тэриэлкэни ытыы — күрэстэригэр аан дойдуга бастаан турабыт. Оттон бу ырааҕы ытыыга быйыл саас Сергей Яковлевпыт  бастаабыта. Бүгүн ол күрэхтэһии иккис түһүмэҕэр уолаттарбыт эмиэ кииристилэр. Манна үс, түөрт килэмиэтирдээх ырааҕы ытыахха наада. Онно дьэ, сөптөөх саа, кыраҕы харах киирсиигэ сабыдыаллыыр. Бу күрэхтэһиигэ Арассыыйа ааттаахтара, байыаннай снайпердар кэлэн кытыннылар. Кинилэр бэлэмнэрэ олус үчүгэй, этэргэ дылы, тэриллэрэ хас эмэ мөлүйүөн сыаналаах. Ол эрээри, биһиги уолаттарбыт син биир кыахтарынан тэҥҥэ киирсэ сылдьаллар, ол баар үчүгэйэ. Бириэмэтэ кэллэҕинэ, биһиги бу идэтийбит снайпердар иннилэригэр түһүөхпүт, Саха сиригэр саха снайпердара баалларын билиэхтэрэ, сыаналыахтара дии саныыбын. Онуоха күүскэ үлэлиэхпитин наада. Маннык үчүгэй, киэҥ-куоҥ полигону туттаран биһиэхэ эрчиллэр кыаҕы биэрбит Бырабыыталыстыбабытыгар, Ил Дархан Айсен Николаевка тус бэйэтигэр махталбын тиэрдэбин. Биһиги, ытыыны сэргээччилэр, булчуттар манна кэлэн эрчиллэбит, онон саха дьонун барыгытын ыҥырабын. Биһиги тэриэлкэни эрэ буолбакка, ырааҕы ытыыга эмиэ күүстээх маастардар буолуохтаахпыт. Онон сахам дьоно «Сулус» полигоҥҥа кэлиҥ, ыалдьыттааҥ, ытарга эрчиллиҥ!

Александр Колесов, «Воин» байыаннай-спортивнай бэлэмнэнии уонна ыччаты патриоттуу иитии киинин филиалын салайааччыта, Арассыыйа Дьоруойа:

— Олунньуга буолан ааспыт күрэхтэһии кэннэ бу иккис турнир буолар. Бу сырыыга кыттааччы икки төгүл элбэх. Арассыыйа араас эрэгийиэннэриттэн ытыынан дьарыктанар дьон, байыаннайдар уонна силовой структуралартан кэлэн кытта сылдьаллар. Тэрээһин үрдүк таһымнаах диэн ыалдьыттар махтаннылар. Кыайыыны ситиспит кыттааччылары эҕэрдэлиибин. Ким кыахтаах, кыраҕы харахтаах инники күөҥҥэ тахсар!

Родимир Максимов, Арассыыйа Дьоруойа:

— Бу полигоҥҥа бастакыбын кэлэммин күрэхтэһиини көрдүм. Күрэхтэһии кэмигэр халлаан туруга ураты, кыратык тымныы соҕус, тыаллаах буолан күрэхтэһээччилэргэ ыарахан буолла дии саныыбын. Инникитин маннык күрэхтэһиилэр буола туруохтарын наада. Элбэх киһи кэлбит, тэрээһин үрдүк таһымнаах. Билигин байыаннай дьайыы бара турдаҕына, бэлэм буоларга биһиэхэ маннык турнирдары ыытыы наада эбит. Уопсайынан, эдэр көлүөнэни байыаннай-патриотическай өттүнэн, дойдуларын көмүскэлигэр бэлэм буолалларын курдук эрдэттэн иитиэххэ, бэлэмниэххэ наада. Маннык тэрээһиннэр итиниэхэ олус улахан суолталаахтар.

«Лукас», байыаннай дьайыы кыттыылааҕа, байыас:

— Мин бу күрэхтэһиигэ бастакыбын кэллим, корректировщик быһыытынан кыттабын. Оттон миигин кытары пааралаһан ытааччым «Шеф» диэн позывнойдаах, кини иккис төгүлүн кытынна. Биһиги морской пехота 155‑с биригээдэтиттэн сылдьабыт, байыаннайдарбыт, бу күрэхтэһиигэ анаан кытта кэллибит. Турнир үрдүк тэрээһиннээх диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Халлааммыт туруга наһаа үчүгэйэ суох, ол эрээри инники кирбиигэ эмиэ маннык усулуобуйалаахпыт, онон улахан уратыта суох диэххэ наада. Маннык буолуохтаах даҕаны, кыттааччылар майгыларын, эттэрин-сииннэрин эрчийэллэригэр, буһалларыгар-хаталларыгар саамай сөптөөх.

Сергей Яковлев, олунньуга ыытыллыбыт бастакы күрэхтэһии чөмпүйүөнэ, Чурапчы бэргэн ытааччыта:

— Быйыл саас, олунньу ыйга, ыытыллыбыт бастакы турниры кытары тэҥнээтэххэ, быдан элбэх киһи кэллэ. Бу сыл аҥаарын эрэ иһигэр ытар тэрил — саа сэбэ сайдыбыт. Сыалы табар комплекстар сайдыбыттар, калибрдар даҕаны улааппыттар. Бу күрэхтэһиигэ күн-дьыл туруга да интэриэһинэй буолла, эмиэ даҕаны сылаас, ол гынан баран, тыаллаах. Тыал олус күүстээх уонна хайысхатын уларыта турар, ол иһин ыта үөрүйэх дьоҥҥо даҕаны ыарахан буолла. Олунньуга кыттарбар саам үчүгэй этэ уонна тымныыга элбэхтик ыппыт буоламмын, уопуттаах этим. Оттон бу сырыыга, кырдьыгын эттэххэ, бэлэмнэниим мөлтөх. Инникитин күүскэ эрчиллиэхпин наада, нууччалыы «Терпение и труд всё перетрут» дииллэрин курдук, барыта этэҥҥэ буолуо.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
10 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: