Хоһоонньут Николай Пахомов саха оскуолатыгар үөрэнэр кыра уонна орто саастаах оҕолорго хоһоон уйулҕатын туһанан үөрэтэр-иитэр хайысхалаах кинигэни бэлэмнээтэ.
Хомуурунньукка айааччы бэйэтин сиэннэригэр уонна кинилэр саастыылара эмдэй-сэмдэй кырачааннарга анаан суруйбут хоһоонноро хомулуннулар.
Оҕолорго аналлаах айымньы араас буолар. Кыра оҕолорго хоһоон, кэпсээн суруйар туспа ирдэбиллээх, улахан эппиэтинэстээх. Ол да иһин буолуо, оҕоҕо анаан суруйар киһи аҕыйах. Николай Пахомов бу “Кырачааннарга кэрчик кэһиилэр” диэн кинигэтин оскуолаҕа киирэр саастаах уонна алын кылаас оҕолоругар анаан бэрт боростуой эрээри хомоҕой тылынан, үксүн катрен (четверостишие) форматынан суруйбут. Бу кинигэҕэ орто дойдуга эһээ буолар дьолун билбит поэт олоҕун сылаас тыыннарынан, минньигэс тылларынан күннэтэ киэргэппит сиэннэрин кытта алтыһыыттан, кырачааннарга тапталтан саҕыллан истиҥ иэйиигэ сууланан суруллубут хоһооннор хомуллан киирбиттэр.
Николай Иванович идэтинэн география учуутала, ол да иһин бу кинигэ хас биирдии оҕону тулалыыр эйгэ, олох-дьаһах, өбүгэ үгэстэрин туһунан толкуйдатар, иитэр-үөрэтэр хайысхалаах.
Кини “оҕолорго орто дойду олоҕун, улуу киэли айылҕаны кытта алтыһар, билсиһэр кэмҥит кэллэҕэ” диэн санатар уонна “алааспыт кырдалыгар тахсан, ону кэрийэ сылдьан аны толоон сир олохтоохторун кытта билсиһиэхпит” диэн кырачаан ааҕааччылары ыҥырар.
Ол курдук, айылҕа маанылаах көтөрдөрө, кыыллара туруйа, кус, хаас, аҥыр, куобах, тииҥ, бэл диэтэр кутуйах, уо. д.а. поэт хоһуйуутугар хамсаан-имсээн, тыыннаах уобарастарга кубулуйаллар, ол иһин оҕолор айымньы дьоруойдарын бэйэлэрин эйгэлэригэр киллэрэн чугастык ылыналлар.
Билэрбит курдук, ордук оҕоҕо анаммыт хоһооннор ритмнаах, ритмикалаах, рифмалаах буоллахтарына, кыра ааҕааччылар оннук айымньылары ордук түргэнник өйдүүллэр, сөбүлүүллэр. Ааптар, оҕолор айымньы ис хоһоонун өйдөөтүнэр диэн ордук үгүстүк тыл кэлиҥҥи сүһүөхтэригэр кэрискэ, пааралыы, кириэстии дьүөрэлэһиилэрин туттар.
Аҕыйах холобурда көрүөҕүҥ:
Тииҥ
Мастан маска ыстанар, а
Мээчик курдук кыырайар, а
Эриэхэттэн астынар, а
Ырыа ыллыан баҕарар. а (кэрискэ)
—————————————————
Балык
Ууга устан кылбаҥныыр, а
Кутуруга куйбаҥныыр, а
Балык хаҕа чап-чараас, б
Хатырыга ып-ыраас. б (пааралыы)
——————————————
Сэргэ
Өлбөөдүйбүт үйэлэр а
Түгэхтэрин өҥөйөн, б
Эмэхтийбит сэргэлэр а
Сипсиспиттэр төҥкөйөн. б (кириэстии)
Ааптар айымньыларын араас, оҕоҕо өйдөммөт эпитеттэринэн, метафораларынан киэргэппэккэ, үлүһүйбэккэ боростуойдук суруйар. Онтон бу кинигэҕэ киирбит хоһооннору сэргэх уруһуйдарынан ааптар сиэнэ Вика Пахомова ситэрэн-хоторон, байытан биэрэр. Ааптар түргэнник өйдөннүн диэн кылгас тылдьыт оҥорбута оҕо айымньы ис хоһоонун өйдүүрүгэр көмөлөһөрүгэр саарбахтаабаппыт.
Николай Ивановичка сүрэҕин чопчуларыгар, кутун-сүрүн ымыыларыгар сиэннэригэр уонна кинилэр саастыылаахтарыгар анаан айар үлэтин ситимин быспакка ситиһиилээхтик өссө да айа-тута, туох эрэ дьиктини, кэрэни көрдүү сырыт диэн баҕа санаабытын этэбит!
Светлана ЕГОРОВА-ТУЛУЙХААНА, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ
Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…