Дьокуускай 28 саастаах олохтооҕор кыбартыыра куортамынан түөкүннээбитин иһин холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу дьахтартан кырата 11 киһи эмсэҕэлээбит диэн иһитиннэрэр Саха сиринээҕи ИДьМ.
Полиция дааннайынан, дьахтар социальнай ситимнэргэ сымыйа аадырыстарынан кыбартыыраны сууккаҕа куортамныыбын диэн таһаарар эбит. Дьиэ куортамнааччылар киниэхэ эрийэн таҕыстахтарына, кыбартыыра төлөбүрүн көрдүүр итиэннэ харчытын ылан баран сүтэн хаалар. Маннык гынан 57 тыһ. солк. кэриҥин уорбут.
Дьахтар түөкүннээһининэн бу сыл бэс ыйыттан дьарыктаммыт. Күн бүгүн 11 түбэлтэ бэлиэтэммит, эмсэҕэлээбит дьон өссө да элбэх буолуохтарын сөп.
Киниэхэ РФ ХК 159 ыст. түөкүннээһиҥҥэ холуобунай дьыала тэрилиннэ.
СӨ ИДЬМ пресс-сулууспатыттан
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…