Кырдьаҕастар күннэригэр доруобуйа харыстабылын кэккэ тэрээһиннэрэ
СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэ уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэригэр араас хабааннаах тэрээһиннэри ыыталлар.
Бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр көхтөөх уһун үйэлэниигэ өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорум ыытылла турар.
Сарсын, алтынньы 1 күнүгэр 11 чаастан “Көхтөөх уһун үйэлэниигэ бииргэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл чэрчитинэн “”Көхтөөх уһун үйэлэнии” – кыһалҕалар уонна ону быһаарыы суоллара” төгүрүк остуол буолуоҕа. Манна доруобуйаҕа аналлаах социальнай хайысхалаах быыстапка тэриллиэҕэ.
Ону сэргэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 3 №-дээх килиниичэскэй балыыһа үлэһиттэрэ алтынньы 1-10 күннэригэр балыыһаҕа кыайан кэлбэт кырдьаҕастарга (60+) дьиэлэригэр тиийиэхтэрэ, “Кыһамньы” аһымал аахсыйаны тэрийиэхтэрэ. “Аһаҕас аан күннэригэр” эмтэнэччилэр исписэлиистэри кытары көрсөн, сүбэ-ама ылыахтара.
Кырдьаҕас көлүөнэ дьоҥҥо гирииби уонна пневмококковай инфекцияны утары быһыыны биэрии тэриллиэҕэ. Ону сэргэ диспансернай чинчийиигэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрин барыларын хабыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: