Кырдьаҕастарга көмөлөһөр Парасковья Соловьева
Чурапчы Чыаппаратыгар командировкаҕа бара сылдьан, бэрт сэргэх ааҕааччыбытын көрүстүбүт. Парасковья Ивановна Соловьева «Саха сирэ» хаһыат үлэһиттэрэ кэлбиттэр үһү диэн, анаан саламаат уонна алаадьы астаан аҕалан үөртэ.
Кини эдэр эрдэҕинэ, иистэнньэҥ буолан, Анаабыр, Өлөөн курдук хоту улуустарга үлэлии сылдьыбыт. Онтон дойдутугар төннөн, хотоҥҥо үлэлээбит. Уонтан тахса сыл борооску көрүүтүгэр үлэлээбит. Түөрт оҕону төрөтөн, улаатыннаран, билигин элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннээх дьоллоох ийэ, эбээ буолар.
— Соҕотох уолум кыратыттан муусукаҕа дьоҕурдааҕа биллэр этэ. Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Николаев тэрийбит Муусука үрдүкү оскуолатыгар үөрэммитэ, билигин уолум Намыын Соловьев национальнай оркестрга оонньуур, идэтийбит муусукаан, — диэн ийэ киэн тутта кэпсиир.
Кэрэхсээбитим диэн, Парасковья Ивановна эдэр эрдэҕиттэн баҕа санаатыттан волонтер курдук үлэлиир эбит. Кырдьаҕас, кыаммат дьоҥҥо көмөлөһөн, хотоҥҥо, тиэргэҥҥэ, дьиэҕэ туох үлэ баарынан буор-босхо үлэлээн биэрэр эбит. Биэнсийэлээхпин диэбэт, билигин да бу үтүө дьыалатын салгыыр, кырдьаҕастарга баран көмөлөһөр үһү. Дьэ, бу аныгы үйэҕэ маннык амарах санаалаах дьон баара сөхтөрөр. Кини «үрүҥ көмүс волонтердар» хамсааһыннарыгар кыттыан сөп эбит дии санаатым.
Бу курдук үтүө санаалаах дьон алгыстарын ылынан, «Саха сирэ» хаһыакка чэпчэтиилээх сурутууну ыытан кэллибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: