Кырдьар кырыыс дуо?
Кырдьаҕаһы көрүү култуурата тоҕо доҕолоҥнуурун быһаарыаҕыҥ. Тоҕо эрэ, киһи сааһырдаҕына дьиэтин оҕолоругар, үлэтин эдэрдэргэ туран биэриэхтээҕин курдук өйдөбүл баар. Ол түмүгэр сааһырбыт киһи бэйэтин уопсастыбаҕа, олоххо туһата суох курдук сананарыгар төрүөт үөскүүр.
70–80 эбэтэр онтон үөһээ саастаах кырдьаҕастар нэһилиэнньэ саамай көмүскэлэ суох араҥата буолаллар. Аҕам саастаах дьоҥҥо дьиэҕэ быраастар кэлэллэрэ уустук, аҕам саастаах үлэ булара кыаллыбат. Аатыгар бочуоттаах сынньалаҥ дэнэр даҕаны, кырдьыы сынньалаҥа ама, кырыыска тэҥнээх дуо? Урукку өттүгэр бу улахан кыһалҕа буолбатах этэ, билигин дойду үрдүнэн сытыы боппуруоска кубулуйда.
Оҕо сүрэҕэ — тааска…
Бу соторутааҕыта 94 саастаах кырдьаҕас ийэтин охсуолуур, тэбиэлиир киһи туһунан видео социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕаммыта. Арай, бу киһини төлөпүөҥҥэ устан тарҕаппатахтара буоллар, төрүт даҕаны биллибэккэ сылдьыа эбит. Төһөлөөх элбэх ийэ, аҕа, аҕам саастаах аймах маннык атаҕастана, эрэйи көрө сылдьарын ким да билбэт, маннык быһыы-майгы болҕомтото суох хаалыа суохтаах. Хомойуох иһин, Арассыыйа улахан куораттарыгар эрэ буолбакка, биһиэхэ, бэйэбит кэккэбитигэр, араас түгэн элбэх.
Хас да сыллааҕыта аллараа этээскэ олорор ыалым ийэлэрэ дуу, эбээлэрэ дуу куруук ытыырын истэрим. Киэһэ ахсын ытаан муҥатыйарын истэ сатаан баран, социальнайдарга эрийэн билсэллэригэр эппитим, эбиитин хаһыакка суруйуох буолбутум. Сотору кэминэн миэхэ социальнайдар эмээхсин илиитинэн суруйбут суругун үлэбэр факстаан ыыппыттара. Онно эмээхсин 30 саастаах соҕотох уолун кытта олорорун суруйбут этэ. Массыына саахалыгар түбэһэн сатаан хаампат буолбут. Уола кинини көрөн үлэлээбэккэ олорорун, кырдьаҕастар дьиэлэригэр киирэриттэн аккаастанарын суруйбут этэ. Өскөтүн, хаһыакка сырдатар буоллаххытына, сүрэҕэ тохтоон ол киэһэ суох буоларын туһунан уонна оҕото кинини үчүгэйдик көрөрүн, атаҕастаабатын эппит этэ. Онтон биирдэ этээс аллараа эмээхсин ытыырын, уола бардьыгыныырын, иһит-хомуос таҥкыныырын истэ сатаан баран, ыксаан кыбартыыраларын тоҥсуйбутум. Онно көрбүт хартыынам дьулаан этэ. Хаһан даҕаны сууйуллубатах муоста, өрөһөлөммүт кирдээх иһитхомуос, ол үрдүнэн көҥүл сүүрэр таракааннар. Күөдэл курдук кирдээх утуйар таҥаска наһаа кырдьаҕаһа суох дьахтар сытара… Оччолорго 60 сааһын саҥа ааспыт быһыылааҕа, турар, хаамар кыаҕа суох буолан киһи илиитигэр киирэн сытарын аһына көрбүтүм. Уола буолуохсут уһун күнү быһа быылынан бүрүллүбүт көмпүүтэригэр умса нөрүйэн оонньуур быһыылааҕа. Ол да сытан ийэ барахсан уолун көмүскэһэрин, кини иитэр дьиэҕэ киирдэҕинэ уола аһыыр харчыта суох хааларын истэн, тахсан барбытым. Ситэ көрүллүбэккэ, куһаҕан усулуобуйаҕа олорорун иһин социальнай сулууспа үлэһиттэригэр иккистээн сибээскэ тахсыбытым. Онуоха бу ийэ социальнай сулууспа көмөтүттэн бэйэтэ аккаастанар диэбиттэрэ. Хаһан көһөн барыахпар диэри бу дьахтар ытыырын истэрим уонна испэр олус аһынарым…
Биэнсийэ харчытыгар иитиллэллэр
Үсүһү бүтэрбит уолбун кытта маҕаһыын таһыгар көрсүөх буолан болдьоспуппут. Арай уолум субу чугаһаатым диэн аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр эрийэн баран, суох. Мин санаа курдук кэтэһэ сатаатым. Эрийэн көрөбүн, төлөпүөнэ арахсыбыт. Ыксаатым, оҕом бу икки ардыгар ханна сүтэн хааллаҕай диэн араас санаалар киирдилэр. Маҕаһыын тулатын, иһин-таһын барытын эргийэ көрдүм. Ыксааммын оҕом аатынан ыҥыра-ыҥыра көрдүүбүн. Былаһаакка таһыгар сылдьар кыракый уолтан, күөх кууркалаах уолу көрбөтөҕүҥ дуо диэн ыйыттым, онуоха: «Эн уолуҥ эбээтин кытта ити подъезка киирбиттэрэ», — диэтэ. Мин олус дьиктиргээтим, хаһан да сылдьыбатах дьиэм подъеһыгар киирбитим, уолум олус кырдьаҕас эмээхсини өйөөн-убаан кирилиэһи дабайан эрэллэр эбит. Эмээхсин сааскы халлааҥҥа дьиэҕэ кэтиллэр таапачыкалаах, сибиитирэлээх. Иккиэннэрин ситэ баттаан ылан эмээхсин малын-салын тутуһан, дьиэҕэ батыһан киирбитим, арай кыракый кыбартыыра дьоҕус куукунатыгар дьахтардаах эр киһи олороллор. Миигин соһуйбуттуу көрүстүлэр. Мин, кырдьаҕас ийэлэрин таһырдьа бачча тымныыга маҕаһыыҥҥа тоҕо ыыппыттарын ыйыттым. Онуоха дьонум эмээхсин биэнсийэтин харыһыйан туттарбатын, кимиэхэ да эрэммэтин, онон бэйэтэ атыылаһарын кэпсээтилэр. Оттон эмээхсин, дьахтардаах эр киһи сүрэҕэ суохтар, бэлэм харчынан килиэп да тахсан ылбаттар диэн муҥатыйда. Ыал олоҕор орооһумаары, эмээхсин бакыаттаах астарын муостаҕа уураат, уолбун сиэппитинэн тахсан барбытым.
Кырдьаҕас киһини аанньа ахтыбаттар
Билэр дьахтарым аҕата ыалдьыбытыгар “суһал көмөнү” ыҥырбыт. Онуоха, ыалдьыбыт киһи сааһа 70‑нун лаппа ааспытын истээт, быраастар кэлэ даҕаны сорумматахтар. Поликлиникаҕа толуон ылан кэлэн көрдөрдүн диэбиттэр. Оттон оҕонньор сүһүөхтэрэ ыалдьар буолан, оннооҕор салгын сии болкуонугар тахсаахтаабат эбит. «Уопсайынан, аҕам саастаахтары өлөллөрө чугаһаабыт дьон диэн аанньа ахтыбаттар дуу, хайдах дуу”, — диэн дьахтар кыһыйан- абаран саҥарбытын өйдөөн хаалбытым. Аҕам саастаах
дьон салгыы олох олоруохтарын, күн сырдыгын көрүөхтэрин баҕараллара кэмнээх буолуо дуо? Хаҕыс сыһыан кинилэри кэбирэтэр эрэ. Хаһан эрэ кинилэр кэккэлэрин аны эдэр дьон солбуйуохтара турдаҕа. Кырдьыыттан куоппут суох. Аҕам саастаахтарбытыгар харыстабыллаах буолуоҕуҥ.
«Болҕомтону күүһүрдэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтүм»
Сардаана Гурьева, СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунай:
— Биһиги аныгы сайдыылаах уопсастыбаҕа олоробут. Үгүс дьон ситиһиилээх, баай-дуол, үчүгэй олоххо талаһар, ол эрээри, хомойуох иһин, киһиэхэ киһилии сыһыан, кыаммакка-түгэммэккэ, ыарыһахха, кырдьаҕаска аһыныгас, амарах буолуу умнуллар. Дьокуускайга сатаан атаҕар тирэнэн турбатах ийэтин тэбиэлээбит киһи туһунан социальнай ситимҥэ тарҕанан улахан айдаан таҕыста. Видеоҕа көстөр аҕам саастаах дьахтары уонна кинини тэбиэлээбит киһи олорор аадырыстарыгар бэрэбиэркэлии диэн полиция үлэһиттэрэ тиийбиттэрэ. Онно быһаарбыттарынан, видеоҕа көстүбүт дьон — ийэ уолунуун буолан тахсыбыттар. Эр киһи полиция үлэһиттэригэр аанын аһыан баҕарбатах, ол эрээри үлэлэрин эбээһинэһин толоро сылдьар үлэһиттэр дьиэҕэ киирэн эр киһини тутан полицияҕа илдьэ барбыттар. Бу ийэлээх уол олохторун устуоруйатын биһиги сиһилии билбэппит. Туохтан сылтаан кинилэр манныкка тиийбиттэрэ быһаарыллыаҕа. Арай биир үөрдэр, амарах санаалаах эдэр кыыс уонна ыаллыы олорор эр киһи ааһан хаалбакка, кырдьаҕас киһиэхэ көмөлөһөн дьиэтигэр киллэрэн биэрбиттэр. 2018 сыллаахха соҕотох олорор аҕам саастаахтарга, инбэлииттэргэ болҕомтону күүһүрдэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтүм, дакылаат оҥоһуллан Ил Түмэҥҥэ миэрэ ылыытыгар ыытыллыбыта. Онтон ыла өрөспүүбүлүкэҕэ тустаах быраап аакталара ылыныллыбыттара, ханна уустук балаһыанньалаах, көмөҕө наадыйар соҕотох олорор кырдьаҕас дьон баарын быһаарар социальнай патруль олохтоммута. Ону сэргэ сыл ахсын “Правовой марафон для пенсионеров”, “Забота о ветеранах” диэн аахсыйалар ыытыллаллар. Бу аахсыйалар аҕам саастаахтар юридическай өҥөнү босхо ылалларыгар көмөлөһөллөр.
“Биир дьиэ кэргэн буолан өйөһөн олороллор”
Павла Мигалкина, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин комплекснай сайдыы систиэмэтин социальнай хааччыйыыга департаменын кылаабынай исписэлииһэ:
— Аҕам саастаах эбэтэр инбэлиит киһи социальнай көрүүгэ-харайыыга наадыйарын, кинини кырдьаҕастар интэринээттэригэр киллэрии туһунан быһаарыы боломуочуйатын СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ ылынар. Ол курдук, бэйэлэрин сатаан көрүммэт кырдьаҕас дьону дьиэҕэ көрүү эбэтэр иитэр дьиэҕэ ылыы туһунан боппуруос көтөҕүллэр. Оҕолордоох, көрөр дьонноох аҕам саастаахтары Арассыыйа Федерациятын Дьиэ кэргэн кодексатын 87‑с ыстатыйатынан «Үлэлиир уонна сокуоннай саастарын сиппит оҕолор көмөҕө наадыйар төрөппүттэрин көрөр эбээһинэстээхтэр» диэн биһиги интэринээккэ ыла сатаабаппыт. Ол эрээри, өскөтүн оҕолоро кыаммат-түгэммэт эбэтэр иһэр-аһыыр буоллахтарына, полицияттан, управлениеттан ыспыраапка ылан, бу аҕам саастааҕы иитэр дьиэҕэ ылыы боппуруоһун быһаарабыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 13 судаарыстыбаннай, ону сэргэ аҕыс чааһынай иитэр дьиэ баар. Бэйэтин сатаан көрүммэт инбэлиити, кырдьаҕаһы көрүүгэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Иитэр дьиэ кэргэн” диэн бырагыраама үлэлиир. Ол эбэтэр, дьиэ кэргэн бэйэтин баҕа өттүнэн кырдьаҕас киһини эбэтэр инбэлиити социальнай управлениены кытта үс өрүттээх дуогабар түһэрсэн иитэ ылар. Бу көрөрүн иһин ый ахсын 23 тыһ. солк. хамнастанар. Бу суума сыл ахсын индексацияланар. Эбээтэ, эһээтэ суох дьон аҕам саастааҕы иитэ ылан оҕолоругар үтүө холобуру көрдөрөллөр. Биир дьиэ кэргэн буолан өйөһөн олороллор.
Иитэр дьиэҕэ…
Наталия Фокина, аҕам саастаахтар уонна инбэлииттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-дьиэлэрин дириэктэрэ:
— Биһиги интэринээт-дьиэбит үлэтин сүрүн хайысхата — бэйэлэрин сатаан көрүнэр кыаҕа суох эбэтэр көмөҕө наадыйар аҕам саастаахтары уонна инбэлииттэри көрүү-истии. Биһиги тэрилтэбитигэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин хамыыһыйатын боротокуолунан хайысхаламмыт дьон кэлэллэр. Сылга уопсайа отут киһи интэринээт-дьиэбитигэр киирэр. Олортон 25% — соҕотох дьон. Онтон атыттара аймахтаах, дьонноох-сэргэлээх дьон буолаллар, кинилэргэ социальнай- бытовой, мэдиссиинэ, уйулҕа өттүнэн көмө оҥоһуллар. Тэрилтэбитигэр аҕам саастаахтарбытыгар анаан араас тэрээһиннэри ыытабыт, бэлиэ күннэри ылабыт, айылҕаҕа сылдьан сэргэхситэбит, араас күрэхтэһиилэргэ кытыннарабыт. Оннооҕор тиэхиньикумнарга араас үөрэххэ үөрэттэрэн идэ ылалларыгар көмөлөһөбүт. Биһиги интэринээт-дьиэбит номнуо иккис сылын “Старость — в радость” диэн пилотнай былаһаакка быһыытынан Бүтүн Арассыыйатааҕы аһымал пуондаҕа кыттар.
“Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт”
— диэн сахаларга өс хоһооно баар. Кырдьаҕас төрөппүттэрин кытта тэҥҥэ олорон сааһырар дьон олус мындыр буолаллар. Маннык көстүү ордук тыа сиригэр баар. Кинилэр күннээҕи олоххо-дьаһахха төрөппүттэриттэн үгүскэ үөрэнэллэр. Дьиҥэр, оҕону иитиигэ дьиэ кэргэн иһигэр эбээ, эһээ, ийэ, аҕа, оҕо, быһата үс көлүөнэ алтыһыыта баар буоллаҕына, оҕо олоххо тирэхтээх буола улаатар. Онуоха эбээ, эһээ ыал ахсын баар буолбат. Эдэр ыал төрөппүттэриттэн туспа олорон буруо таһаарынарга дьулуһар. Икки көлүөнэ икки ардыгар тэйсии үөскүүр. Оттон аҕам саастаах төрөппүттэртэн биирдэрэ эрдэлээтэҕинэ, соҕотохсуйуу, муунтуйуу үөскүүр. Бу киһи оҕолоругар мэһэйдиир курдук сананар. Олоххо барыта эриэ-дэхси буолбат. Ытыктабыл уонна өйдөһүүгэ дьулуһуу баар буоллаҕына, аҕам саастаах чугас дьону кытта алтыһыы уустуктары үөскэтиэ суохтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: