Уу сахалыы хомоҕой тылынан иҥнибэккэ ыраастык саҥарар, суруйар эбэҥки норуотун чаҕылхай суруйааччыта Дмитрий Апросимов баара буоллар 95 сааһын бэлиэтии, үөрэ-көтө сылдьыах этибит.
Ону баара, эдэр сааһыттан, бэйэтэ бэлиэтээбитин курдук, “Олоҕум-окко түһүөхпүттэн очурдаах, этэрбэс кэтиэхпиттэн эрэйдээх, сон кэтиэхпиттэн сордоох” диэхтээтэҕэ. Ол кылгас олоҕун устата олоҕурбут, ааһан араҕан биэрбэт ыарыы моһуоктаабыта, сарбыйбыта биллэр.
Мин тус бэйэм тыыннааҕар, уһуннук атах тэпсэн олорон сэлэспэтэх, кэпсэппэтэх урааҥхайбын. Ол эрэн, Үөһээ Бүлүүтээҕи “Чэчир” литературнай түмсүүгэ хам-хаадьаа көрөрүм. Кини чэпчэки хаамыытын-сиимиитин билэн-көрөн аастаҕым…
Айылҕа оҕото буоларын, сахаттан атын туспалаах, дьоһуннаах, сиэрдээх-майгылаах убай киһи буоларын, ис дууһабар туох да иҥнигэһэ суох, бэйэбэр чугастыы ылыммытым. Ити билигин уолаттарын көрдөхпүнэ, уйадыйа, чуо өйдүү түһэбин…
Оччолорго “Нестерович” хоһоонньут, бэртээхэй бэйиэт. “Коммунизм суола”, “Коммунизм сардаҥата” диэн бэрт дорҕоонноох ааттаах оройуоннааҕы хаһыаттарга кини айылҕаны, тапталы, дойдуну хоһуйбут хоһоонноро, сотору-сотору тахсара. Бу хаһыакка саха-аймах бөһөмө бэйиэттэрэ П.Тобуруокап, С.Руфов, С.Дадаскинов, Н.Герасимов-Айталыын, о.д.а. ким кылгастык, ким син өр үлэлээбиттэрэ, айбыттара, суруйбуттара, хаһыат аатын-суолун үрдэппиттэрэ. Оччолорго бу хаһыат ыал аайы хамаҕатык суруйтарыллан, кудуххайдык былдьаһыкка сылдьан ааҕыллара.
Хара куудара баттахтаах, чоҕулуччу көрбүт хараҥатыҥы харахтаах, көбүс көнө уҥуохтаах Дмитрий түмсүү мунньахтарыгар бэйэтин кичэмэ санаатын аһаҕастык, көнөтүнэн этэрэ. Онно өйдөөтөхпүнэ, сорох айымньылара ситэ көрүллүбэккэ, уһуннук остуол дьааһыгар сытан, умнуллуох курдук буолбуттарын санатар эбит. “Кини кэмигэр ситэ сыаналамматаҕа дуу?” — диэн бу билигин саныыбын.
Итиччэ элбэх хоһоонноох, номохтоох, өссө нууччалыы тылбаастанан, соҕуруу улахан сурунаалларга тахсыбыт айымньылаах, тыыннааҕар хас эмэ кинигэлээх бэйиэт оччотооҕуга суруйааччы сойууһугар хайдах ылыллыбатаҕай?
Бэл, кинини норуот бэйиэтэ Семен Данилов бэркэ биһирээн, бу эйгэҕэ сирдээбит, биир учуутала эбээт! Оттон, Сэмэн Бөтүрүөбүс бу сойууһу син балачча уһуннук салайбыта, тэрийбитэ биллэр. Дьылҕа оннук. Биир ааҕааччы бу көрсүһүүлэргэ бэлиэтээбитин курдук, кини кэмигэр сөпкө өйөммүтэ, харыстаммыта буоллар, дьиҥ норуот суруйааччыта буолар толору кыахтааҕа. Мин, боростуой богдо, эмиэ оннук саныыбын.
Кини бэйэтэ айылҕатынан ураты сэмэйэ, көнөтө, киһи быһыытынан чиэһинэйэ, судургута.
Дмитрий Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрээт, дойдутугар Уус Маайа, Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар уруһуй, черчение, география, үлэ уруоктарын биэрбитэ биллэр. Кини дьоҕурдаах учуутал буоларын билигин сааһырбыт үөрэнээччилэрэ истиҥник долгуйа ахталлар.
Бу күннэргэ суруйааччы үрдүк үбүлүөйүн Дьокуускайга Ойуунускай аатынан литература мусуойугар өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтээтилэр. Кинини дойдутугар кыра эрдэҕиттэн “Былатыан” диэн истиҥ, минньигэс аатынан билинэллэр. Ол курдук, Былатыан аатынан мусуойга норуот үс суруйааччыта: А. Кривошапкин, Н. Лугинов, Д. Наумов, суруйааччылар С. Гольдерова-Саргы Куо, Л. Горохова-Сүүмэх, Т. Винокурова-Сабыйа, худуоһунньук Н. Курилов, эбэҥки норуотун биллэр-көстөр дьоно Е. Голомарева, М. Погодаев, А. Варламов бэйиэт уолаттара Александр, Филип, Андрей, о.д.а. элбэх ыалдьыттар, ыҥырыылаахтар, аймахтара сырыттылар.
Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин бэрт сиһилии бэрэпиэссэр, литературовед В.Б. Окорокова сэһэргээтэ.
Үгүс сэһэн-сэппэн, ахтыы, кэпсэтии кэнниттэн кэскиллээх этиилэр киирдилэр. Олортон кэлэр биэс сылга, бэйиэт төрөөбүтэ 100 сылыгар, кинигэ таһаартарарга, кини аатын үйэтитэргэ, өссө ылсан, түмсэн үлэлииргэ былаан баар буолла. Ол мөҥүрүөн хамсаныы саҕаланыытын бэйиэт кэргэнин дойдутуттан Үөһээ Бүлүүттэн саҕалаан, Уус Маайаҕа айан торумнанна.
Нестерович кэргэнин, музатын дойдута — Үөһээ Бүлүү Мэйигэ. Манна уонча сыл эйэ дэмнээхтик олорон, бастакы оҕолорун күн сирин көрдөрбүттэрэ. Мэйиги бэйиэт чугастык ылыммыта. Дьоно-сэргэтэ уруулуу, дьоһуннаах күтүөтүнэн билиммиттэрэ.
Улуус киинигэр анал бөлөҕү улуус саҥа салалтата үөрэ-көтө, чиэстээхтик көрүстэ. Пресс-кэмпириэнсийэ, киин бибилэтиэкэҕэ ааҕааччылардыын атах тэпсэн олорон ахтыһыы, бэйиэт хоһооннорун доргуччу ааҕыы, оһуохай, ырыа-тойук кутулунна. Ол эрэ иннинэ олохтоох ырыынакка “Строганина” күрэҕэ бэрт сэргэхтик барда. Маны Арассыыйа Эбэ Хотун, бу идэҕэ биир бастыҥ тоҥ балыгы кыһыыга чөмпүйүөнэ Г. Толстоухов иилээн-саҕалаан ыытта.
Маны сэргэ сарсыарда бэрт эрдэттэн, бэйиэт кыра уола Андрей Н. Бойлохов аатынан ускуустуба, ырыа оскуолатыгар туой оҥоһукка маастар-кылаас ыытта. Оҕолор бэркэ сэргээбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Бу түһүлгэҕэ Үөһээ Бүлүүгэ олорор аҕыйах ахсааннаах норуот дьоһун дьоно түмүстүлэр, сиэр-туом, алгыс ыытылынна, анал дэлэгээссийэ иилээн-саҕалаан көрдөрөн биэрдэ. Итиэннэ эбэҥки норуотун төрүт үҥкүүтүнэн “Дэвэй-дэйэнэн” доҕуһуолланна.
“Мин ыраах Дьааҥы булчута,
Эн кыыскын таптаан ылларбытым —
Ойуур курдук саҥата суох сөҥ бэйэм,
Аар хатыҥы көҕөрдөр тылламмытым!”
Анал бөлөҕү суруйааччы улахан уола Александр быһаччы салайан, тэрийэн илдьэ сырытта. Онон, аны кини киинэ түспүт Мэйигэр мэҥитэн тиийдибит. Истиҥ дьоро көрсүһүүлэр манна эмиэ салҕаннылар. Оскуола үөрэнээччилэрэ ыалдьыттары болҕойон иһиттилэр.
Араас быыстапка, кэнсиэр, дьүһүйүү, ырыа-тойук — бу барыта суруйааччы, күтүөт Дмитрий Нестерович сырдык аатыгар ананна. Нэһилиэк турардыын-турбаттыын биир сомоҕо буолан, өрө көтөҕүллэн сырытта.
Д. Н. Апросимов-Былатыан Үөһээ Бүлүү суруйааччыларын кытта истиҥ доҕордуу этилэр. П. Тобуруокап, С. Руфов, В. Гольдеров, Н. Габышев бэйиэт айар үлэтигэр сүбэ-ама, көмө буолбуттара. С. Дадаскиновтыын эмиэ ордук чугастыы билсибитэ. Степан Егорович бэйэтэ үлэтинэн даҕаны, ис айылҕатынан даҕаны хотулары ордук өрө тутара.
Бэйиэт сырдык аатын үйэтитии бөлөҕөр сырыттылар — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ А.М.Иванова-Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына, РФ СӨ ОДьКХ үтүөлээх үлэһитэ, СӨ эбэҥки норуотун ассоциациятын чилиэнэ Г.М. Толстоухов, 85 сааһыгар бэрт чэгиэнник дэгэйэ сылдьар, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэлээх, эбэҥки Г.С. Керегяева, ырыаһыт, оһуохайдьыт, бэйиэт, Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх А.Егоров-Өркөн-Дьол, Д.Апросимов балтылара, СӨ нэһилиэнньэтин көмүскэлин киинин үтүөлээх үлэһитэ А.Г. Куличкина, “Бочуот знага” уордьан кавалера А.Д. Апросимова, уолаттара учууталлар — Александр Дмитриевич, Филип Дмитриевич уонна Андрей Дмитриевич Апросимовтар. Утум уһуур!
Бэйиэттэр-бөлүһүөктэр бэрт ырааҕы өтө көрөллөр, дьүһүйэллэр. Кини оҕолоругар, хаан-уруу аймахтарыгар мэлдьи эрэнэрэ, ону хоһооно, тойуга чуолкай кэпсии сылдьаллара. Ол туллаҥнаабат туруу, модьу, сабардам мэктиэтинэн бу тэрээһиннэр бигэ, бии суоллара буолар.
Аны биэс сылынан кини төгүрүк 100 сылын ыларга оҥкул, эркээйи охсулунна.
Бөлөх сорох чугас дьоно аны бэйиэт, суруйааччы төрөөбүт төрүт сиригэр-уотугар Уус Маайа диэки дьоллоох суолу тутуста!
Уолаттарга барҕа махтал! Махтал, үөрүнньэҥ Үөһээ Бүлүүлэргэ! Махтал мэлдьи истиҥ, кэрээбэт кэрэ дууһалаах Мэйик талба талыы дьонугар! Көрсүөххэ диэри, дьоллоох буолуҥ!
“Дэвэй-дэйэ” эбэҥки норуотун төрүт үҥкүүтэ, үйэлэргэ дьиэрэйэ, дьүкээбил суһумунуу күлүмнүү, дьиримнии туруохтун!
Сурт кэриэстээх, утум быстыбат!
Прокопий КСЕНОФОНТОВ, Үлэ бэтэрээнэ. СӨ Суруйааччыларын, РФ Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…