Кырдьык, норуот дьокутаата кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ

Кырдьык, норуот дьокутаата кэпэрэтиип бэрэссэдээтэлэ

26.11.2023, 18:20
Т.Скрябин ыытта
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ тыа сирин олохтоохторун биир сонун сэргэхситтэ.

Ол курдук, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) дьокутаата Тихон Скрябин Хаҥалас улууһун Күөрдэм сэлиэнньэтигэр тахсан “120 ынаҕар отторун уонна аһылыктарын бэлэмнээһиҥҥэ көмөлөспүтүн” туһунан.

Кырдьык, бу «Октябрь 50 сыла сопхуос» диэн ааттаах кэпэрэтиипкэ Тихон Николаевич үлэһиттэри кытта тэҥҥэ сүөһү аһылыгын бэлэмнээбиттэр. “Онон 120 хороҕор муостаах этэҥҥэ кыстыыр буолла» — диэн дьокутаат бэйэтин ТГ таһаарбытын  дьон-сэргэ олус биһирээтэ. Ол да буоллар, сорохтор, дьокутаат киһи, ама, хайаан 120 ынахтаах буолуоҕай эҥин диэн соһуйалларын эмиэ биллэрдилэр.

— “Октябрь 50 сыла сопхуос” ТХПК мин тэрийбит хаһаайыстыбам. Онон бэрэссэдээтэлбин уонна төрүттээччибин (учредитель). Онон ити хаһаайыстыбабар тахсан көмөлөстүм. Быйыл кыстыкка 120 ыанар ынаҕы хотоҥҥо киллэрдибит”, — диэн чопчулаата хара үлэттэн толлон турбат Томмоттооҕу уокуруктан норуот дьокутаата Тихон Скрябин.

Тихон Николаевич Арассыыйа Наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи научнай киинин генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта. Онон наука материальнай-тэхиньиичскэй баазатын сайыннарыыга кинини эмиэ үгүс үлэ күүтэр.

“Ил Түмэҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын бары кыһалҕатын олох төрдүттэн билэр дьокутаат баар буолбута бэрт эбит”, — дэһэллэр ааҕааччылар.

+1
12
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: