Бүтэй Бүлүү улууһун Эдьигээн сирин кытта кыраныыссалаһан сытар Кыргыдайбыт нэһилиэгэр сэргэх тэрээһин тэрилиннэ.
Киэн туттар ытык-мааны саастаахтарбыт күннэрин саха балаҕаныгар өрө көтөҕүллүүлээхтик ылан үөрдүбүт. Онон сэргэх сонуммутун бар дьону, ааҕааччылары кытары үллэстэргэ сананныбыт. Бу күн саамай саастаахтарбытыттан нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, сэрии сылларын оҕото, элбэх оҕону үөрэхтээбит учуутал, элбэх сиэн тапталлаах эбээтэ Татьяна Иосифовна Николаева кэлэн биир күнүн уратытык атааран, сэргэхсийэн, тэрээһиҥҥэ мустубут ыалдьыттарбытын кытары үөрүүтүн тэҥҥэ үллэһиннэ. Ытык киһибитигэр сирдээҕи махталбытын анаатыбыт!
Нэһилиэкпит баһылыга Василий Егорович Александров күндү-мааны дьоммутугар дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда. Тэрийээччилэр салгыы үлэ ыараханын эттэринэн-хааннарынан билбит дьоммутугар үчүгэйи, сырдыгы, доруобуйаны баҕаран бу күн эҕэрдэ бастыҥын тиэртилэр, алгыстаах ырыа дуорайда. Манна даҕатан, олохтоох «Туску»сынньалаҥ киинин үлэһиттэригэр бэркэ толкуйдаан ыыппыт тэрээһиннэрин иһин махтанабыт. Ытык-мааны дьоммут чуҥкуйар диэни билбэтилэр, бииртэн биир көрдөөх оонньуулар, таайбараҥнары таайы, сценка көрдөрүүтэ болҕомтону тарта, ырыа, үҥкүү оройуттан тутулунна.
Култуураҕа саҥа кэлбит эдэр үлэһиппит Иннокентий Винокуров устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах-өстөөх буолан улаханнык сэргэхситтэ. Аны саҥа тэриллибит ыччаттар «Дохсун» түмсүүлэрэ нэһилиэкпит аҕам саастаах дьонугар сылдьан көмөлөстүлэр, субуотунньук тэрийдилэр, өссө сэмэй бэлэхтэрин туттартаатылар. Онон соһуччу бэлэхтэн саастаах дьоммут долгуйа үөрдүлэр. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Павлина Дмитриевна Кырбасова сыл аайы тыыл бэтэрээннэригэр анаан бэйэтэ астаабыт минньигэс тордун, эҕэрдэ суругу кытта холбоон бэлэхтиирэ наһаа үөрдэр.
Тыыл бэтэрээннэригэр Регина Михайловна Поповаҕа, Николай Егорович Егоровка, сэрии сылларын тулаайаҕар Евдокия Гаврильевна Николаеваҕа, сэрии сылын оҕолоругар: Татьяна Васильевна Абрамоваҕа, Надежда Егоровна Алексееваҕа, Александра Константиновна Алексееваҕа, Галина Прокопьевна Софроноваҕа, Мария Дмитриевна Ердашеваҕа, Павлина Федоровна Яковлеваҕа, Акулина Григорьевна Григорьеваҕа, Василий Николаевич Соловьевка, Петр Матвеевич Ивановка олохтоох дьаһалта аатыттан ытык күннэринэн өссө төгүл ааттарын ааттаан туран эҕэрдэлээтибит. Күндү дьоммут бука бары ыалдьыбакка этэҥҥэ сылдьалларыгар, уһуннук уонна дьоллоохтук олороллоругар, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ кинилэри үөрдэ-көтүтэ туралларыгар, элбээн-тэнийэн иһэллэригэр баҕардыбыт.
Елизавета Наумова,
Кыргыдай дьаһалтатын исписэлииһэ.
Хаартыскаларга Елизавета Наумова, Елизавета Терентьева түһэриилэрэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…
Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…
2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…