Социальнай ситимҥэ Үөһээ Бүлүү улууһугар бэһис кылаас кыргыттара кыра саастаах уолаттары кырбаабыттарын туһунан видеолаах сурах тарҕанна.
Ситим ахсын бу быһылаан туһунан оргуйан олорор. Өссө иккис кылаас оҕото суорума суолламмыт үһү диэн сурах кэлбитэ. Видеоҕа көстөрүнэн, кыыс бэйэтинээҕэр кыра уҥуохтаах уолчааны моонньуттан тутан умса баттаан турара көстөр. Ити кэмҥэ уолчаан өйүн сүтэрэн охтор. Оҕолор онно дьэ куттанан, уҥмут уолчаан тула үмүөрүһэллэр. СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтин пресс-сулууспата бу быһылааҥҥа оҕо өлбүтүн туһунан сурах сымыйа диэн иһитиннэрдэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр кырыктаах сыһыаннарын туһунан сурахтар үгүстүк чахчы буолаллар. Бүгүн оҕо уҥуо, эчэйиэ. Сарсын алҕас өлөн да хаалыа… Оттон маннык кырыктаах оҕолор, буолаары буолан кыргыттар, видеоҕа уста-уста тарҕаталлара сиэргэ баппат. Ханнык төрөппүттэр уонна учууталлар маннык кырыктаах оҕолору иитэн таһааралларый?
Бу туһунан Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэх управлениетын салайааччытын бастакы солбуйааччыта Леонид Огочонов санаатын үллэһиннэ:
— Оҕолор кыыһырсыылара, тыл-тылга киирсибэт буолуулара оскуола ахсын баар көстүү. Социальнай ситимҥэ тарҕаммыт быһылааҥҥа эмсэҕэлээбит оҕону санрейсынан Дьокуускайга ыыппыттар диэн сурах тарҕаммыта сымыйа буолар. Оҕолор оонньуу сылдьаннар кыыһырсан турбуттар. Эмсэҕэлээбит оҕо дабылыанньалаах буолан уҥан хаалбыт. Төрөппүттэртэн туох даҕаны үҥсүү киирбэтэҕэ. Билигин биһиги инникитин маннык хатыламматын туһугар сэрэтэр үлэлэри ыыта сылдьабыт.
Ааспыт сайын оскуола оҕото «Чайхана» кафеҕа туалекка киирэн эрэр кыыһы сидьиҥник кырбаабыт видеота тарҕаммыта. Маннык быһылааннар таҕыстахтарына, өрүү гаджеты, интэриниэти буруйдууллар. Аныгы оҕолор бары куһаҕаны көрө-истэ сылдьаллар дииллэр. Оттон төрөппүт, оскуола хонтуруола ханнаный? Оскуолаҕа оҕо кырбана, атаҕастана барыа суохтаах. Маннык быһылааннарга кытаанах миэрэ ылыллыахтаах. Бу туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Бүгүн, ахсынньы 4 күнүгэр, “Классное руководство - ядро единого образовательного пространства” кылаас салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы…
Ааспыт сайыҥҥы сезоҥҥа Саха сирин санаторийдарынан ситиһии бэлиэтэннэ, ол курдук нэһилиэнньэҕэ путевкаларга наадыйыы ирдэбилин көрдөрүүлэрэ…
Саҥа дьыл бырааһынньыгын иннинэ хас биирдии хаһаайка аһылыгын эрдэттэн атыылаһан хаһаанар уонна астаан тоҥоро уурар…
Саха сириттэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы бородуукта набордарын анал байыаннай дьайыы зонатыгар байыастарга ыытыы саҕаланна. Бу…
Ахсынньы 4 күнүгэр, «Имя твоё неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн Биллибэт саллаат күнүгэр «Патриотическое воспитание…
Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга доруобуйа харыстабылын эдэр исписэлиистэрин үөрүүлээхтик эҕэрдэлээтилэр. Быйыл Саха сирин мэдисиинэ училищетын…