Кыргыз омук түмсүүтэ – бастыҥнар кэккэлэригэр
Быйылгыттан өрөспүүбүлүкэҕэ Саха сиригэр олорор Норуоттар национальнай култуураларын күнэ бэлиэтэниэҕэ. Бу күн ахсынньы бастакы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр буолуоҕа.
Быйыл бу суолталаах күн ахсынньы 3 күнүгэр түбэһэр. Бу маннык бэлиэ күн баар буоларын национальнай-култуурунай түмсүүлэр лиидэрдэрэ, уопсастыбанньыктар быйыл муус устарга Ил Дарханы кытта көрсүһүү кэмигэр туруорсубуттара. Норуоттар национальнай култуураларын күнүн көрсө бүгүн биһиги биллэр-көстөр үлэлээх кыргыз омук национальнай-култуурунай түмсүүтүн үлэтин сырдатабыт.
ИННИКИ КҮӨҤҤЭ
1992 сыллаахха ыытыллыбыт саха норуотун 1-кы кэнгириэһигэр Саха сирин норуоттарын ассамблеятын тэрийэр туһунан этии киирбитэ. 1994 сыллаахха муус устар 26 күнүгэр Саха сирин норуоттарын ассамблеятын бастакы мунньаҕа буолбута. Онно 10 национальнай-култуурунай түмсүү кыттыыны ылбыта. Ассамблея иккис мунньаҕар 1997 сыллаахха 30 национальнай түмсүү кыттыыны ылбыта. Кинилэр ортолоругар уопсастыбаннай диэйэтэл Эсен Сайдыкулов салайар «Манас» кыргызтар диаспоралара бастыҥнар ахсааннарыгар киирсэн, инники күөҥҥэ сылдьара. Кыргыз омук национальнай-култуурунай түмсүүтэ талааннаах дьонунан баай: норуот аатырбыт “Манас” эпоһын толорооччулар, акыннар, аныгы кыргыз эстрадатын ырыаларын толорооччулар, үҥкүүһүттэр баар буолан, бу уопсастыбаннай тэрилтэ үлэтэ олус көхтөөҕө. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр суоллаах-иистээх уопсастыбаннай тэрилтэ, национальнай диаспоралартан соҕотох кыаммат ыалларга уонна инбэлиит оҕолорго аһымал аахсыйаларын тэрийэн, кэнсиэрдиирэ уонна ол үбү кинилэргэ үллэрэрэ. Маны таһынан, национальнай диаспоралар истэригэр успуорт биэс көрүҥэр сайыҥҥы спартакиаданы тэрийэрэ. Бу маннык суолталаах үлэни ыытарын иһин кыргызтар “Манас” национальнай-култуурунай түмсүүлэрэ СӨ Бэрэсидьиэнин уонна РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Боломуочунайын Махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ.
Саха уонна кыргыз норуоттарын устуоруйаларын биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Максим Аммосов ыкса сибээстиир. Саха норуотун чулуу уола 1937 сыллаахха Киргизскэй ССР ВКП(б) Киин Кэмитиэтин 1-кы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 2012 сыллаахха Эсен Сайдыкулов көҕүлээһининэн, СӨ норуоттарын дьыалаларын дэпэртээмэнэ өйөөн, Бишкеккэ “Олоҥхо” уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллибитэ.
ҮЛЭ СОНУН ХАЙЫСХАТА
Кыргызтар уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ билигин атын ааттаах – “РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Саха сиригэр консульскай салаата”. Бүгүҥҥү күҥҥэ Эсен Сайдыкулов ыыппыт үлэтин бу салаа салайааччыта Чолпан Исанаева уонна кини солбуйааччыта, юрист идэлээх Тынчтыкбек Абдылдаев салгыыллар.
– Москваҕа үлэлиир РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствота дойду 12 эрэгийиэнигэр консульскай салаалаах. Онтон биирэ – Дьокуускайга. “Манас” кыргызтар диаспораларын кытта холбоон өссө “Кыргыз кэнгириэһэ” диаспора уонна Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх узбектар уопсастыбаннай түмсүүлэрэ баар. Бу үс тэрилтэни РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Саха сиригэр консульскай салаата сүрүннүүр. Сүрүн сорукпут – Саха сиригэр олорор араас омук дьонун сомоҕолооһун, норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүү, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуоннарын тутуһан, норуоттар төрүт үгэстэрин харыстааһын уонна сайыннарыы, уустук балаһыанньаҕа түбэспит биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүл буолуу.
Бүгүҥҥү туругунан, Саха сиригэр быһа холуйан 40-ча тыһыынча Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх дьон олорор. Саха уонна кыргыз омуктар силиспит биир – түүр омуктан төрүттээхпит. Онон Саха сирин сөбүлээн олохсуйбут дьон үгүс, – диэн санаатын үллэстэр Тынчтыкбек Абдылдаев.
“ИККИС ДЬИЭБИТ…”
Бишкеккэ тэриллибит “Олоҥхо” уопсастыбаны кытта биһиги посольствобыт консульскай салаата ыкса сибээстээхтик үлэлиир.
– Саха сиригэр олорор араас омук национальнай култуурунай тэрилтэлэрин кытта биир хайысханы тутуһан үлэлиибит. Онон Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ – биһиги иккис дьиэбит. Манна араас омуктары кытта бары тэрээһиннэри бииргэ кыттыһан ыытабыт, бэйэ бэйэбититтэн элбэххэ үөрэнэбит. Биһиги консульскай салаабыт онно көхтөөхтүк кыттар буолан, атын диаспоралары кытта чугас аймахтыы сыһыаннаахпыт, бары бэйэ-бэйэбитин билсэбит, наада буоллаҕына өйөһөбүт, – диэн кэпсиир консульскай салаа салайааччыта.
ТУРИЗМ КЭСКИЛЛЭЭХ САҔАХТАРА
Туризмы сайыннарыыга РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Саха сиригэр консульскай салаата бэрт улахан суолталаах үлэни ыытар.
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Саха сирин устуоруйата, экэниэмикэтэ уонна култуурата ыкса сибээстээх буолан, бииргэ үлэлээһин ыыра сылтан сыл кэҥээн иһэр. Кэлиҥҥи сылларга Кыргызстан уонна Саха сирин икки ардыгар туризмы сайыннарыыга кэккэ былааннаах үлэни тэрийэн эрэбит. Ол курдук, Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор олорор Саха сириттэн төрүттээх дьону кытта сибээһи олохтоон, туристары атастаһар үлэни ыытабыт. Саха сирэ уонна Кыргызтан иккиэн хайалаах дойдулар, элбэх күөллэрдээхтэр. Онон туристары бу өрүт олус кэрэхсэтиэн сөп, – диэн бэлиэтиир Тынчтыкбек Абдылдаев.
… Ити курдук, РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Саха сиригэр консульскай салаата бары хайысханан норуоттар доҕордоһууларын уонна сомоҕоһууларын бөҕөргөтөр соруктаах үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: