Кыргыз омук түмсүүтэ – бастыҥнар кэккэлэригэр

Share

Быйылгыттан өрөспүү­бүлүкэҕэ Саха сиригэр олорор Норуоттар национальнай култуураларын күнэ бэлиэтэниэҕэ. Бу күн ахсынньы бастакы өрөбүлүгэр бэлиэтэнэр буолуоҕа.

Быйыл бу суолталаах күн ахсынньы 3 күнүгэр түбэһэр. Бу маннык бэлиэ күн баар буоларын национальнай-култуурунай түмсүүлэр лиидэрдэрэ, уопсастыбанньыктар быйыл муус устарга Ил Дарханы кытта көрсүһүү кэмигэр туруорсубуттара. Норуоттар национальнай култуураларын күнүн көрсө бүгүн биһиги биллэр-көстөр үлэлээх кыргыз омук на­­циональнай-култуурунай түмсүүтүн үлэтин сырдатабыт.

ИННИКИ КҮӨҤҤЭ

1992 сыллаахха ыытыллыбыт саха норуотун 1-кы кэнгириэһигэр Саха сирин но­­руоттарын ассамблеятын тэрийэр туһунан этии киирбитэ. 1994 сыллаахха муус устар 26 күнүгэр Саха сирин норуоттарын ассамблеятын бастакы мунньаҕа буолбута. Онно 10 национальнай-култуурунай түмсүү кыттыыны ылбыта. Ассамблея иккис мунньаҕар 1997 сыллаахха 30 национальнай түмсүү кыттыыны ылбыта. Кинилэр ортолоругар уопсастыбаннай диэ­­йэтэл Эсен Сайдыкулов сала­йар «Манас» кыргызтар диас­поралара бастыҥнар ахсаан­нарыгар киирсэн, инники күөҥҥэ сылдьара. Кыргыз омук национальнай-култуурунай түмсүүтэ талааннаах дьонунан баай: норуот аатырбыт “Манас” эпоһын толорооччулар, акыннар, аныгы кыргыз эстрадатын ырыаларын толорооччулар, үҥкүүһүттэр баар буолан, бу уопсастыбаннай тэрилтэ үлэтэ олус көхтөөҕө. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр суоллаах-­иистээх уопсастыбаннай тэрилтэ, национальнай диаспоралартан соҕотох кыаммат ыалларга уонна инбэлиит оҕолорго аһымал аахсыйаларын тэри­йэн, кэн­сиэрдиирэ уонна ол үбү кинилэргэ үллэрэрэ. Маны таһынан, на­­циональнай диаспоралар истэригэр успуорт биэс көрүҥэр сайыҥҥы спартакиаданы тэрийэрэ. Бу маннык суол­талаах үлэни ыытарын иһин кыргызтар “Манас” национальнай-култуурунай түмсүүлэрэ СӨ Бэрэсидьиэнин уонна РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Боломуо­чунайын Махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ.
Саха уонна кыргыз норуот­тарын устуоруйаларын биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Максим Аммосов ыкса сибээстиир. Саха норуотун чулуу уола 1937 сыллаахха Киргизскэй ССР ВКП(б) Киин Кэмитиэтин 1-кы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 2012 сыллаахха Эсен Сайдыкулов көҕүлээһининэн, СӨ норуоттарын дьыалаларын дэпэртээмэнэ өйөөн, Бишкеккэ “Олоҥхо” уопсастыбаннай тэрилтэ тэриллибитэ.

ҮЛЭ СОНУН ХАЙЫСХАТА

Кыргызтар уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ билигин атын ааттаах – “РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Саха сиригэр консульскай салаата”. Бүгүҥҥү күҥҥэ Эсен Сайдыкулов ыыппыт үлэтин бу салаа сала­йааччыта Чолпан Исанаева уонна кини солбуйааччыта, юрист идэлээх Тынчтыкбек Абдылдаев салгыыллар.
– Москваҕа үлэлиир РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствота дойду 12 эрэгийиэнигэр консульскай салаалаах. Онтон биирэ – Дьокуускайга. “Манас” кыргызтар диаспораларын кытта хол­­боон өссө “Кыргыз кэнги­риэһэ” диаспора уонна Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх узбектар уоп­састыбаннай түмсүүлэрэ баар. Бу үс тэрилтэни РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Саха сиригэр консульскай салаата сүрүннүүр. Сүрүн сорукпут – Саха сиригэр олорор араас омук дьонун сомоҕолооһун, норуоттар доҕордоһууларын бөҕөргөтүү, Саха Өрөспүүбүлүкэтин со­­куоннарын тутуһан, норуоттар төрүт үгэстэрин харыс­тааһын уонна сайыннарыы, уустук балаһыанньаҕа түбэспит биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүл буолуу.
Бүгүҥҥү туругунан, Саха сиригэр быһа холу­йан 40-ча тыһыынча Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх дьон олорор. Саха уонна кыргыз омуктар силиспит биир – түүр омуктан төрүттээхпит. Онон Саха сирин сөбүлээн олохсуйбут дьон үгүс, – диэн санаатын үллэстэр Тынчтыкбек Абдылдаев.

“ИККИС ДЬИЭБИТ…”

Бишкеккэ тэриллибит “Олоҥхо” уопсастыбаны кытта биһиги посольствобыт консульскай салаата ыкса сибээстээхтик үлэлиир.
– Саха сиригэр олорор араас омук национальнай култуурунай тэрилтэлэрин кытта биир хайысханы тутуһан үлэлиибит. Онон Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ – биһиги иккис дьиэбит. Манна араас омуктары кытта бары тэрээһиннэри бииргэ кыттыһан ыытабыт, бэйэ бэ­­йэбититтэн элбэххэ үөрэнэбит. Биһиги консульскай са­­лаабыт онно көхтөөхтүк кыттар буолан, атын диаспоралары кытта чугас аймахтыы сыһыан­наахпыт, бары бэйэ-бэ­йэбитин билсэбит, наада буоллаҕына өйөһөбүт, – диэн кэп­сиир консульскай салаа сала­йааччыта.

ТУРИЗМ КЭСКИЛЛЭЭХ САҔАХТАРА

Туризмы сайыннарыыга РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Саха сиригэр консульскай салаата бэрт улахан суолталаах үлэни ыытар.
– Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Саха сирин устуоруйата, экэниэмикэтэ уонна култуурата ыкса сибээстээх буолан, бииргэ үлэлээһин ыыра сылтан сыл кэҥээн иһэр. Кэлиҥҥи сылларга Кыргызстан уонна Саха сирин икки ардыгар туризмы сайыннарыыга кэккэ былааннаах үлэни тэри­йэн эрэбит. Ол курдук, Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор олорор Саха сириттэн төрүттээх дьону кытта сибээһи олохтоон, туристары атастаһар үлэни ыытабыт. Саха сирэ уонна Кыргызтан иккиэн ха­­йалаах дойдулар, элбэх күөллэрдээхтэр. Онон туристары бу өрүт олус кэрэхсэтиэн сөп, – диэн бэлиэтиир Тынчтыкбек Абдылдаев.

… Ити курдук, РФ Кыргыз Өрөспүүбүлүкэтин Посольствотын Саха сиригэр консульскай салаата бары хайысханан норуоттар доҕордоһууларын уонна сомоҕоһууларын бөҕөргөтөр соруктаах үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

8 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

9 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

9 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

10 часов ago