Кыргызстантан төрүттээх киһи сымыйа дааннайдараах РФ пааспарын илдьэ сылдьыбыта билиннэ
СӨ ИДьМ үлэһиттэрэ Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтиттэн төрүттээх 41 саастаах киһи сымыйа дааннайдардаах РФ пааспарын илдьэ сылдьарын быһаардылар. Кини миграция боппуруостарынан дьарыктанар биэдэмистибэҕэ бэйэтин туһунан сымыйа сибиэдэнньэлэри көрдөрбүт диэн МВД Медиа саайт суруйар.
Быһаарыллыбытынан, 2013 сыллаахха бу киһи миграционнай сокуону хаста да кэһэн, Арассыыйаҕа киирэрэ бобуллубут. Ол да буоллар, икки сыл ааспытын кэнниттэн аатын, аҕатын аатын, араспаанньатын уларытан баран төннүбүт, олорорго тустаах докумуоннары ылбыт уонна РФ гражданствотын ылынарга сайабылыанньаласпытын аһардыбыттар.
Ол кэнниттэн «Нелегал» эпэрээссийэ кэмигэр полицейскайдар бу Кыргызстантан төрүттээх киһи докумуоннарын бэрэбиэркэлээри, ис дьыала уорганнарыгар аҕалбыттар. Тарбаҕын суолун бэрэбиэркэлээн бараннар, бу эр киһи бэйэтин атын киһинэн биллэрэ сылдьыбытын билбиттэр. Онон 2023 сыллаахха от ыйыгар гражданство ылыахтаах докумуоннарыгар аккаастаабыттар.
Сотору кэминэн бу киһи эрэгийиэннээҕи полиция быһаарыныытын ылыммакка, 2023 сыл алтынньытыгар сууттаспыт. Дьокуускай куораттааҕы суут кини өттүгэр буолбут. Ол эрээри сотору кэминэн тустаах үлэлэр бараннар, РФ Үрдүкү суута инники быһаарыныылары барытын аккаастаан, полициялар позицияларын кытта сөпсөспүт.
Онон Кыргызстантан төрүттээх киһи билигин быстах кэмҥэ докумуоннанаары, кимэ быһаарыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: