Күрүөйэх хаас хаһаайына көстүбүт, ол эрээри…
Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 16 күнүгэр, Дьокуускайга Рыдзинскай уулуссатыгар хоҥор хаас хаама сылдьарын, ыттартан куттамматын, массыынаҕа киирэн биэрэ сыспытын туппуттара. Хааһы тутан, «Зоополис» мини-зоопаркаҕа туттарбыттара.
Зоопарка үлэһиттэрэ хаас хаһаайына көһүннэҕинэ, биэриэхпит диэн эппиттэрэ. Хаһаайына көстүбүт, ол эрээри…
Хаастары эккэ анаан атыыласпыт буолан тахсыбыт. «Зоополис» мини-зоопарка телеграм-ханаалыгар суруйбуттарынан, хаһаайына кэлэн, хаас атаҕар баар биһилэх хаартыскатын көрдөрөн, киниэнэ буоларын дакаастаабыт. Хомолтолооҕо диэн, ол киһи хас да хааһы өлөрөн сииргэ диэн атыыласпыт эбит. Ол онтон биир хаас куотан, көҥүлгэ тахса сылдьыбыт.
Дьиҥэ, хас да киһи эрийэн, хааһы иитиэхпит диэн этэ сылдьыбыттар эбит. «Зоополистар» этэллэринэн, хайдах да гынар кыах суох, хаһаайыныгар төннөр буоллаҕа, оттон ол киһи иитэр санаата суох.
Баҕар, көҥүлгэ тардыһар көтөрү аһынар амарах сүрэхтээх киһи көстөн, атыылаһан ылан, иитиэ буолаарай?
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: