Кырыктаах ийэ дьыалата эмиэ күөрэйдэ

Share

 Оҕолоругар кырыктаахтык сыһыаннаһар ийэ туһунан интэриниэт ситиминэн тарҕаммыт видео бэрэбиэркэтин түмүгүн туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Дьокуускай куорат борокуратуурата 23.07.2023 с. Интэриниэт уонна социальнай ситимнэринэн оҕоҕо кырыктаахтык сыһыаннаһыыны көрдөрөр видео тарҕаныытын чахчытынан, оҕо быраабын уонна сокуоннай интэриэһин тутуһууну бэрэбиэркэлээтэ.

Борокуратуура быһаарбытынан, видеоҕа Уус Алдан улууһуттан төрүттээх, 1990 сыллаах төрүөх 2015, 2016 уонна 2021 сыллардаах кыра үс оҕолоох ийэ уһуллубут. Кинини көрдүүр-ирдиир тэрээһини ыытаннар, Дьокуускай куорат Октябрьскай уулуссатын биир дьиэтиттэн булбуттар, оҕолору ылан, социальнай тэрилтэлэргэ илдьибиттэр.

Борокуратуура бэрэбиэркэтин түмүгэр, оҕолор эрдэ 2022 с. ПДН иниспиэктэрин аактатыгар олоҕуран, ийэлэрэ арыгылаан итирик туруктаах сылдьан, оҕолорун сөптөөхтүк көрбөккө, реабилитационнай кииҥҥэ киирэ сылдьыбыттара, административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыта биллибит.

Ол да үрдүнэн, дьахтар ПДН учуотугар ылыллыбатах, кинини кытары сэрэтэр үлэ ыытыллыбатах, реабилитационнай киин тэрийбит үлэтэ көдьүүһэ суоҕун көрдөрбүт.

Борокуратуура РФ ИДьМ «Дьокуускайдааҕы» муниципалитеттар икки ардыларынааҕы салалтатын начаалынньыгар уонна тустаах оҕо тэрилтэтин салайааччытыгар  быһаарыы ылыналларыгар ирдэбил киллэрбит.

РФ Холуобунай кодексын 117 ыст. 2 ч. «г» п. Силиэстийэлиир уорганнар тэрийбит холуобунай  дьыалаларын силиэстийэлээһин борокуратуура хонтуруолугар ылылынна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago