Социальнай ситимҥэ кырыктаах ийэ уруок аахтарар саҥата киэҥник тарҕанна. Оҕо, быһата, иккис кылааска үөрэнэр. Английскайдыы сатаан аахпат. Ийэтэ ыгарыттан, үөҕэриттэн, саанарыттан бобулла-бобулла ытыыр…
Бу ынырык быдьар тыллаах аудио бүтүн өрөспүүбүлүкэни тилийэ көттө. Дьон санаата икки аҥы араҕыста. «Бу туох ынырык ийэтэй, оҕону өлөрбөтөҕүнэ, эчэтииһик», — диэбиттэр, оттон сорохтор «Ийэ тулуйарыттан ааспыт, оҕото күнү быһа төлөпүөҥҥэ сытара буолуо, үчүгэй олохтон дьахтар майгыта маннык алдьаммат», — диэн санааларын үллэстибиттэр. Ол эрээри, ханныгын да иһин оҕоҕо төрөппүтүттэн ураты чугас киһитэ суох. Маннык кырыктаах сыһыаҥҥа ситэ илик уйулҕалаах оҕо үөрэҕи ылынарынааҕар буолуох арааска тиксиэн сөп.
Биһиги СӨ оҕо быраабын көмүскүүр боломуочунайа Туйаара Валерьевна Васильеваҕа сибээскэ таҕыстыбыт:
— Билиҥҥи туругунан бу тарҕаммыт аудионан Ис дьыала министиэристибэтигэр сибээскэ тахсаммын, оҕоҕо кырыктаах сыһыаннаах ийэ кимин-тугун быһаарарга уонна бэрэбиэркэлиир туһунан туһаайыы оҥорбутум. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, балаһыанньа быһаарыллыбытын кэннэ, буруйданар сирэйгэ административнай миэрэ эбэтэр Холуобунай накаастабыл оҥоһуллуоҕа.
Моҕой сылыгар төрөөбүт дьон (1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013 сс.) 12 сыл анараа…
СӨ Быыһыыр сулууспата түөрт эр киһини көрдүүр. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ол курдук, ыйтан…
Ил Дархан Айсен Николаев аан дойдуга хорсун быһыытынан биллибит Ньурба байыаһа Андрей Григорьев туһунан "Комсомольская…
Дьокуускай куорат борокуратуурата интэринээт-дьиэҕэ олорор эр киһи өлбүтүнэн бэрэбиэркэни саҕалаата диэн надзорнай уорган пресс-сулууспата иһитиннэрэр.…
Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, Орто Халыма улууһугар оҕолор олорсон испит массыыналара сүппүтүн туһунан СӨ Быыһыыр…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ буруйу оҥоруу буолбутун туһунан СӨ борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускайга 53 саастаах…