Кырыктаах ийэттэн оҕолору былдьаатылар
Социальнай ситимҥэ кырыктаах ийэ уруок аахтарар саҥата-иҥэтэ киэҥник тарҕанна. Оҕо ийэтэ ыгарыттан, үөҕэриттэн, бобулла-бобулла ытыыр… Бу быдьар тыллаах, оҕону өлөрүөх буолан сааныылаах аудио-саҥата бүтүн өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ.
СӨ Борокуротуурата иһитиннэрбитинэн, оҕону сөбө суох көрүҥүнэн иитиитин иһин быдьар тыллаах ийэни ханнык миэрэҕэ тардар туһунан боппуруос быһаарыллар. Ийэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун нэһилиэгин олохтооҕо буолар. Тохсунньу 26 күнүгэр оҕолору Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр баар сааһын ситэ илик оҕолору чөлүгэр түһэрэр кииҥҥэ киллэрбиттэр.
Бүгүн киин дириэктэрэ Елена Реворьевна Соломоноваҕа сибээскэ таҕыстыбыт:
— Биһиги кииммит уустук балаһыанньаҕа түбэспит саастарын ситэ илик оҕолору чөлүгэр түһэриинэн дьарыктанар. Уустук балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэри кытта ыкса үлэлиибит. Оттон бу социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕаммыт дьиэ кэргэн туһунан этэр буоллахха, бу ыал сэттэ оҕолоох улахан дьиэ кэргэн буолар. Хаһан даҕаны учуокка турбатах, испэт-аһаабат ыал. Сэттэ оҕоттон түөрдэ оскуолаҕа үөрэнэр. Ийэ оҕолорун көрөн үлэлээбэккэ олорор. Улахан тымныылар тураннар түөрт оҕо дьиэттэн олорон үөрэммиттэр. Кииҥҥэ 2008 уонна 2009 сыллаах төрүөх икки оҕолоро киирдэ. Ийэни уонна икки оҕону кытта уйулҕа исписэлиистэрэ үлэлиэхтэрэ. Ийэ уйулҕа исписэлииһин кытта үлэлииргэ бэлэм. Биһиги сүрүн сорукпутунан дьиэ кэргэн бигэ туруктаахтык олорорун ситиһии буолар. Оҕону дьиэ кэргэниттэн араарыа суохтаахпыт. Ийэ утары баран уйулҕа исписэлииһин кытта үлэлэһэргэ сөбүлэһэр. Оҕолорун, дьиэтин-уотун этэҥҥэ көрөн олорбут ийэ кыыһырбыт, сылайбыт уоҕар араас тылы саҥарбыта социальнай ситимҥэ киэҥник тарҕанна. Биллэн турар, саанар тыла-өһө, оҕо ытыыра барыта иһэр-аһыыр, оҕону атаҕастаан олорор ыал курдук хартыынаны киһи өйүгэр үөскэтэр. Ол эрээри бу ыал оннук ыал ахсааныгар киирбэт. Онон ийэни уонна оҕолору кытта уйулҕа исписэлиистэрэ үлэлэһиэхтэрэ. Барыта этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: