Кырыктаах ньээҥкэ Холуобунай дьыалата түмүктэннэ
Дьокуускай куоракка кыра саастаах оҕолору кырыктаах ньээҥкэ атаҕастаабытын туһунан хаһыакка да, саайтка да суруйан турабыт.
Санатар буоллахха, бу дьыл тохсунньу 9-21 күннэригэр икки оҕолоох ийэ дьиэтигэр ньээҥкэ наймыласпыт. Ньээҥкэ 2 уонна 4 саастаах оҕолору ийэлэрэ үлэлиир кэмигэр көрө хаалар эбит. Сотору кэминэн оҕолор майгылара-сигилилэрэ уларыйбытын ийэ киһи бэлиэтии көрбүт. Сэрэхэдьийэн көстүбэт видеокамераны туруорбут. Онно биллибитинэн, ньээҥкэ оҕолорго илиитинэн киирэрэ биллибит. Ийэ дьыаланы уһата барбатах, тута бар дьон билиитигэр таһаарбыт. Бу дьыалаҕа СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтэ ылсыбыта. Арассыыйа Федерациятын Холуобунай кодексатын 2 ыст. «а», «г» ч. (саастарын ситэ илик, бэйэлэрин кыайан көмүскэнэр кыахтара суох оҕолору атаҕастааһын) иһин Холуобунай дьыала тэриллибитэ. Ол курдук 34 саастаах ньээҥкэни буруйдуур Холуобунай дьыала силиэстийэтэ түмүктэммит. Эмсэҕэлээбит оҕолорго уйулҕа өттүнэн көмө оҥоһуллубут. Холуобунай дьыала суут көрүүтүгэр ыытылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: