Кырыылаах алмаас күлүмэ “Остуоруйа кинигэтин” арыйыах эрэ…
Дьэ, чахчы да күн сардаҥата диэҕи тутах, эгэлгэ өҥүнэн оонньуур, дьиҥ сахалыы уонна оҕолуу ыраас, маастардыы кылбар испэктээкил буолан ааста.
«Хамсаныы олох төрдө буолар» диэн си-дьүгээр эппэттэр. Итиччэлээх эккирээһин мээнэҕэ буолбакка, хас биирдии туттуу-хаптыы суолталааҕа, иҥиир-быччыҥ олус имигэстик уунаҥныыра быыкаа киһи чэгиэн этэ-сиинэ кииллийэригэр, оҕо улаатарыгар, бэйэтин кыанарыгар үҥкүү ускуустубата ураты күүстээх уонна кэскиллээх.
Саха оҕото төрдүттэн от-мас суугунун истэ улаатар кыаҕын айылҕаттан илдьэ сылдьар. Онтун олус үчүгэйдик хамсаныытын кытта дьүөрэлиирэ — дьоҕур чыпчаала. Алыптаах, эрчимнээх муусука дорҕоонугар уйдаран, уһун киэһэни быһа эппэйэ мичээрэн үҥкүүлүүр диэни төрөппүттэр үөрэ көрдүлэр, ытыстарын сөҕө таһыннылар.
Алтынньы 27 күнүгэр буолбут “Остуоруйа кинигэтэ” диэн ааттаах сахалыы айымньыларынан таҥыллыбыт испэктээкил наһаа табылынна. Ааттыын да, көстүүлүүн да дьүөрэлии. Баччалаах үчүгэй “дойдуга” баар буолан хаалбыт көрөөччү Сээркээн Сэһэнтэн саҕалаан, аныгы оҕолорго тиийэ, Сандааралаах Айтал мүччүргэннээх сырыыларын толору үҥкүүнэн көрөн ылыммыта чахчы дьол! Илиистэрэ туллубут былыргы остуоруйа кинигэтин абылаҥнаах күүһүн бу сырыыга ис сүрэхтэриттэн итэҕэйбит оҕолор барахсаттар сыана устун лыахтыы көттүлэр, чыычаахтыы уйдардылар.
Мөккүөр суох, сыыппара үйэтин оҕолоро илиилэрин инники төлөпүөҥҥэ, гаджекка уунуохтара эрээри, “былыт саппыт былыргы кинигэ күүһэ” хайдахтаах да албастардаах саҥа тиэхиньикэни толуйар сүдү күүһүн төбөлөрүгэр хатаатахтара ини диэн ийэлэр-аҕалар бэйэлэрэ да эрэннилэр.
Испэктээкил сюжеттара наһаа чопчу уонна судургу. Маннык үтүө туруорууну Олоҥхо тыйаатырын режиссера, АГИКИ доцена Мария Маркова туруорбут. Көстүүмнэри СӨ култууратын туйгуна Марьяна Оконешникова уруһуйдаабыт. Отой кырачааннары эмиэ СӨ култууратын туйгуна Валерия Платонова эрчийбит. Оттон бу сүҥкэн көстүүнү СӨ уонна РФ үтүөлээх артыыстара Зоя, Афанасий Соловьевтар уустаан-ураннаан чочуйан таһаарбыттар.
Кинилэр баар буоланнар, эгэлгэ остуоруйа арааһа биир сыанаҕа киэһэни быһа көһүннэ. Эбэлэр-эһэлэр, ийэлэр-аҕалар эндэппэккэ билэр дьоруойдарын билигин аныгы комикс, мультик, дорама диэн баран муннукка ытаабыт ыччаттара үҥкүүнэн дьүһүйэн дьиэ кэргэттэри биир тыыҥҥа киллэрбиттэрэ иитиигэ улахан суолталаах эбээт. Итинник уһуйууну ааспыт оҕолору кытта саха былыргытын туһунан холкутук, налыйан олорон сэһэргэһэр кыах ыал аайы киирбитэ хайҕаллаах.
Онон оҕону кыратыттан иитэр наадалаах. Оҕону уһуйдахха барыны ылынар, санаа хоту өйдөөх-санаалаах дьон буолан тахсалларыгар эрэл улахан.
Кырыыламмыт алмаас араас уотунан кылбачыйарын курдук, бу испэктээкилгэ араас саастаах, майгыннаспат кыахтаах, тэйэ үҥкүүлүүр кырачааннар, күннэтэ улааталларыгар уҥуохтарын уунаҥнатар кистэлэҥи билбэтэллэр даҕаны, муусука хоту дайа устубуттара кэрэтиэн! Чахчы да ансаамбылларын аатыгар маарынныах айылаахтары манньыйа көрбүт көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан хас биирдии үҥкүүлэрин доҕуһуоллаатылар.
—Сиэним уол үҥкүүлүүрүн бу саҥа көрдүм. Син мээнэ кыаныах курдук кэриҥнээҕиттэн олус үөрдүм. Кыра киһибит, дьиҥэр, тоноҕоһо токуруйуохча, ону эрчийэр наада диэн быраас эппитин аанньа аҕалбыппыт. Үҥкүүлүөҕүттэн бэйэтин бэркэ дьаһанар буолбута дьиэҕэ-уокка эмиэ көстөр. Онон оҕону бэрээдэктиирэ уот харахха.
—Биһиги кыыспыт таапачыката сотору-сотору илдьирийэриттэн көрдөххө, үлэлэрэ таһаарыылаах. Кыра диэбэккэ, онтун абырахтана сатыыра соһуппута. Онон оҕону манна бары өттүттэн иитии барарын иһин ансаамбылбыт салайааччыларыгар махтанабыт, — диэн астыммыт төрөппүттэр үөрүүлэрэ үрдүк.
Саҥа сыа хаар түстэ. Саҥа үөрэх дьыла сахалыы остуоруйа кистэлэҥиттэн саҕаланна. Сыл устата өссө өрөйөн-чөрөйөн биэриэх кэриҥнээх оҕолорбут бэйэлэрин да эрэллэрэ улаатта, күлэ-үөрэ чаҕылыҥнастылар.
Агафья ФЕДОРОВА
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…