Быйыл сайын тыа сирин олохтоохторун оттооһуҥҥа көҕүлүүр туһуттан, “Саха сирэ” хаһыат “Бука бары – окко!” – диэн “Төгүрүк остуолу” тэрийбитэ.
Манна өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн, Хаҥалас, Нам, Мэҥэ Хаҥалас тыатын хаһаайыстыбатын салайааччылара, “Россельхозцентр” тэрилтэ исписэлиистэрэ, биллэр урбаанньыт Руслан Федотов уо.д.а. кыттыбыттара. Бу кэпсэтии түмүгэр оттооһуҥҥа туох кыһалҕа баарын, тиэхиньикэнэн хааччыллыы, аһыҥаны эмтээһин, күрүөнү тутууга көрүллэр үп-харчы уо.д.а. туһунан кэпсэппиппит.
Былырыыҥҥы былаан 90 быр. туолан, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитээччилэргэ охсуулаах сыл ааспытын кыттааччылар бэлиэтээбиттэрэ. Онон быйылгы сорудаҕы толоруу наадата чопчуламмыта. Быйыл өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хаһаайыстыбалара 459 307 туонна оту, 23885 туонна сиилэһи угуохтара, 12876 туонна сенаһы бэлэмниэхтэрэ диэн соругу министиэристибэ туруорбута.
Ааспыт сыл түмүктэрин кытта тэҥниир олус туһалаах буолар. Холобура, “Федотов Р.Е.” ИП быйыл 2022 сыллааҕар 10-15 % элбэх саппаас чааһы аҕалбыта бэлиэтэммитэ. Руслан Федотов тэрилтэтэ былырыыҥҥы сылы ырытан баран, балаҕан ыйыттан саҕалаан сайаапканан саппаас чааһы, тиэхиньикэни эрдэттэн хааччыммыта быйылгы оттооһуҥҥа эмиэ көмөлөстөҕө. Мобильнай биригээдэлэргэ улуус дьаһалталарын кытта ыарахан сыаналаах тиэхиньикэни атыылаһалларыгар дуогабарынан үлэлиэхпит диэн эрэннэрбитэ.
“Россельхознадзор” исписэлиистэрэ аһыҥа ханнык улуустарга тэнийбитин, эмтээһин ыытыллыытын чопчулаабыттара.
Аһыҥа Сунтаарга, Ньурбаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Аммаҕа баара биллибитинэн, эһиил даҕаны бу улуустар эрдэттэн дьаһаналлара эрэбил.
Департамент салайааччыта Николай Питимко былырыыҥҥы кыстык курдук, эмиэ атын сиртэн аҕалар былаан суоҕун, үбү-харчыны кэмчилии сатаан буолбатах, сүөһү ыарыытын кытта сибээстээх боппуруос буоларын ыйбыта. Хайдаҕын да иһин, быйыл от үүнэн, былаан туолан, тастан оту тиэйбэт буолуу бу ыгым кэмҥэ үбү-харчыны кэмчилиирэ туох куһаҕаннаах буолуоҕай?
Өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оттооһун кэмигэр хас нэдиэлэ аайы түмүк таһааран иһэр. Ол курдук, бу алтынньы 2 күнүнээҕи түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ 11 оройуона былаанын аһары толорбут. Отчуттар 101 % — 139 % сыллааҕы былаантан толорбуттар.
Бастыҥ көрдөрүүлээхтэр бу бааллар – Абый, Амма, Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас, Бүлүү, Дьокуускай к., Жатай бөһ. Бу улуустартан Кэбээйи улууһун хайгыахха сөп. Төһө да сирдэрэ ууга сыттар, былааннарын толордулар.
Сүүс бырыһыаны – Горнай улууһа. 90 быр. быдан үгүөрү оттоотулар: Алдан, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Эдьигээн, Ленскэй, Орто Халыма, Сунтаар, Томпо, Уус Маайа, Чурапчы. Бу хаалбыт күннэргэ кинилэртэн үгүстэрэ биэтэккэ чугаһыыра буолуо.
Быйылгы оттооһун сезонугар Абый улууһа аатырда. Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба, Кэбээйи, Дьокуускай уо.д.а. олох тилэх баттаһа иһэллэр. Быйыл от кэмигэр кураан туран биэрэн, улуустары абыраата.
Оттооһун хаамыытын көрдөххө, быйыл хоту улуустарга Абый, Үөһээ Халыма былааннарын аһары толорон олороллор. Булуҥ (36 быр.), Аллайыаха (32 быр.), Усуйаана (22 быр.) былааннарын ырааҕынан толорботулар, бу улуустарга оттоон эбинэргэ билигин халлаан сөбө суох буоллаҕа дии.
– Урукку сыллардааҕар быйыл от үүнүүтэ үчүгэй. Нэһилиэктэртэн Кустуур отчуттара үчүгэй көрдөрүүлээхтэр. Кырдьык, былырыын былааммыт туолбатаҕа, онон атын сиртэн атыылаһарга күһэллибиппит. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлээн уонна улууспут 2 мөл солк. көрөн, оппутун тиэйтэрбиппит. Онон Амматтан, Тааттаттан эбинэн кыстаабыппыт. Онон быйыл от үүммүтүн туһанан кыахпыт тиийэринэн оттоотубут, – диир Эбээн Бытантай улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Гаврил Баишев.
Маныаха өссө эбии эбэн эттэххэ, бу улуус дьаһалтата 2019 сылтан быһа от үлэтигэр тиэхиньикэнэн хааччыйыыга болҕомтотун уурбута. Ол курдук, ворошилкалар, пресс-подборщиктар уо.д.а. атыылаһыллыбыттара. Маннык үтүө холобурдар былаанын аһары толорбут Нам уонна атын да улуустарга бааллар.
Өлүөхүмэлэр быйыл бэркэ оттоотулар. 15800 т былааннаахтарын 17373 т тиэртилэр (113,5 быр.). Бу улууска “Кладовая Олекмы” тэрилтэни (1100 т) бэлиэтиэххэ сөп.
Урукку сылларга Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкы отчуттара сайыҥҥы былдьаһыктаах кэмҥэ үчүгэйдик оттоон, улуустарын ото тиийбэт нэһилиэктэрин абыраабыттара. Быйыл даҕаны кыахтара тиийэринэн оттообуттарын туһунан нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Семен Уткин этэр уонна: “Дьон тиэхиньикэлээх буолан кыайа оттуур”, – диэн чопчулуур.
СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин чахчытынан, алтынньы 2 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ туруу отчуттара 462924 т оту кэбистилэр. Мобильнай биригээдэлэр 32684 т оту бэлэмнээтилэр. Онон хаһаайыстыбалар кыстыгы этэҥҥэ туоруулларыгар эрэбил буолла.
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…