“Кыстык хаар түһүөр диэри ардыаҕа…”

Share

Дьиҥинэн, киһиэхэ дьоҕур да араастаан киирэр, бэриллэр буолар эбит.

Сөҕөн да төһөнү сөҕүөххүнүй? Махтайан эрэ кэбиһэргэр  тиийэҕин ээ. Холобура, дьылдьыт  диэн сахаҕа киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэтэ биллэр. Мин билэрбинэн, биирдиилээн эмэ нэһилиэктэргэ үрдүнэн-аннынан саба тарыйан да буоллар, дьылдьыттыы сатыыр оҕонньоттор баар буолаллар эбит… Оҕо сырыттахпына Лөгөнтөй Боппуок диэн кырдьаҕаһы дьылдьыт идэлээх диэн этэллэрэ. Биһиги, оҕолор, “прогноз погоды”оҕонньор диир этибит. Төһө сөпкө дьылдыттыырын билбэппин. Сааһыт этэ. Онон көтөр айанын сылыктыыр курдук өйдүүбүн. Уонна, дьэ, сыл аайы “умайар уот кураан, Өлүөнэ өрүс хорсоох этэрбэһинэн туоруур гына  уолар дьыла үүннэ, чэ, бар, абыран,» — диир сураҕа иһиллэрэ.

Кэлин Махсыым Сибирэкиэп күн-дьыл туругун туһунан сылыктыырын бэчээккэ сэҥээрэн ааҕарым. Онтон бу күҥҥэ-дьылга биллэринэн-көстөрүнэн барытын Тускул  баһылаан-көһүлээн интэриниэт көмөтүнэн да буоллар, билэр-көрөр быһыылаах. Сорох ардыгар үлэтиттэн хайдах быыс булара буолла диэн санаан ылааччыбын.

Аны, дьиктиргиирим-сөҕөрүм диэн дьылдьыт идэтэ сахаҕа эрэ баар буолуох айылаах да, нууччаҕа да баар эбит ээ. Буолаары буолан, чопчу сөпкө этэрин сөҕөбүн. Манна Садын сиригэр олоро сылдьыбыт Нестеренко диэн киһи баар. Билигин ханна эрэ соҕуруу Орел диэки олорор. Төрөөбүт сирэ — Байкал уҥуора. Эспэдииссийэҕэ эҥин үлэлээн, сахалары кытта алтыһан, тыалаан хайаан, эр бэрдэ этэ. Кырыйда. Уола Донбасска өлбүтэ. Арааһа, бастаан Таас үрэх дьонун кытта сылдьан күн-дьыл туругун барыллаан барбыт быһыылаах. Бастаан соччо сэҥээрбэтэхтэр. Дьэ, онтон киһилэрэ олох чопчу күнүнэн ааҕан этитэлээн лабырҕатарын, онтуката сүүс бырыһыан туоларын иһин, от үлэтигэр туттан барбыттар. Сайыҥҥы, күһүҥҥү күн-дьыл туругун саас чопчу этэн кэбиһэрэ. “Сайын ааттаах кураан, оккутун хомуйарга куттанымаҥ, балаҕан ыйын бастакы күннэриттэн тохтоло суох кыс-хаар түһүөр диэри ардах-саппарах буолуо, тайахтыы барарга таах да бэлэмнэнэҕит диэн, — бу саас эппит этэ. Онон оннукка бэлэмнэнэн барбытым. Олох уот харахха туолла. Хайдах сибикилээн билэрин ким да да билбэт. Интэриниэт эҥин диэни сураҕын да истибэтэх киһи ээ. Чэ, наадатын суруйан дуомнуура буолуо. Уонча сыллааҕыта “Новай” сопхуос дириэктэрэ Батаахап Баһылай Сиимэнэп Сэргэйтэн: “Бээрэ, Нэстэриэҥкэбит от кэмигэр погодабытын туох диирий?”, — диэн ыйытарын “ар-дьаалы, ытык кырдьаҕаспыт чугас да эбит”диэн бэлэспин тарбаабыппын өйдүүбүн. Билигин, дьэ итэҕэйэбин. Киһи, дьэ, үөйбэтэххинэн-санаабатаххынан идэлээх-дьоҕурдаах буолар эбит дииргэ эрэ тиийэбит. Дьэ. оҕордук.

Дьөгүөр Һэрэмээт.

Садын. Алтынньы 4 күнэ.

Хаартыска: Ю.Петров

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэйэбит дойдубут Ту-214 сөмөлүөтүн бэрэбиэркэлээн көтүттүлэр

Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уулаах отон доруобуйаҕа туһата

Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бастыҥ ювелирнай оҥоһуктар быыстапкалара аһылынна

 Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Таптал» испэктээги көрөн баран санааларым

Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…

10 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

9,8 мөл. солк. тахса суумалаах көмүһүнэн сокуоннайа суохтук эргиммиттэрэ биллибит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Москваҕа “Муравьёв-Амурскай 2030” бырагырааманы бүтэрээччилэр бастакы мунньахтара буолла

Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков  кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…

11 часов ago