Кыстыкка этэҥҥэ киирдибит
Сииттэ нэһилиэгэр сүөһүлээх-астаах ыаллар бары кыстыкка этэҥҥэ киирэн, оннуларын буллулар.
Билигин кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар идэһэлэрин туттан эрэллэр. Олохтоох тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Дмитрий Колмогоров уонна бэтэринээр Мичил Павлов сүөһүнү тутар хаһаайыстыбалары кэрийэ сылдьан, быйыл төрөөбүт ньирэйдэргэ чип туруортаатылар, төһө сүөһү нэһилиэккэ баарын барытын ааҕан, испииһэк оҥордулар. Алтынньыга хотоҥҥо киирээт да, икки ынах утуу-субуу төрөөтө.
Быйыл сайын күн-дьыл туран биэрэн, былааннаммыт от оттонон, үчүгэйкээн күөх рулоннаммыт оттор кыбыыны толору дьаарыстанан туралларын көрдөххө, киһи эрэ үөрэр.
Хаһыс да сылын нэһилиэкпитигэр, олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, ыччаттар соҕотоҕун олорор дьоҥҥо, байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэригэр субуотунньук тэрийэн муустарын ылан биэрэллэр. Ол курдук тэрилтэлэрин, аймахтарын, чугас ыалларын көмөлөһүннэрэн, уолаттар муус ылан тиэйэн биэрдилэр. Кинилэргэ көмөлөрүн иһин махтал бастыҥын анаатылар.
Аны муҥха саҕаланан, Күөх Боллох оҕонньор бэрсибит минньигэс соботун амсайдыбыт. Ити курдук Сииттэ үлэһит дьоно нэһилиэкпит сайдарын, этэҥҥэ олорорун туһугар бука бары биир санаанан улэлии-хамсыы, айа-тута олоробут.
Марианна Сивцева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: