Кытай зонда Ый күлүк өттүттэн буору хомуйда

Share

Бэс ыйын 4 күнүгэр «Чанъэ-6» диэн кытай зонда Ыйга тиийэн, Сиргэ көстүбэт кэтэх өттүттэн буору хомуйда. Хомуллубут буор, таас састаабын учуонайдар үөрэтиэхтэрэ.

«Чанъэ-6» зонд ыам ыйын 3 күнүгэр көппүтэ. Кини Ый соҕурууҥҥу полюһун диэки түспүт. Былааннаммыт соруктарын барытын ситиспит. Ыйга түһэн баран, 6 мүнүүтэ устата буор, таас боруобаларын хомуйан баран, сабыылаах контейнердарга уган, зонд иһигэр киллэрбит. Бэл, видеоҕа устубут.

Кытай аппараата бэркэ үлэлээбит: кыраадыс күүскэ түһэрин-тахсарын, кытаанах дабылыанньаны тулуйбут, уота-күөһэ, иитиитэ да сөпкө тиийбит. Кытай учуонайдара этэллэринэн, Ый буорун, тааһын састаабын үөрэтэн, Күн систиэмэтэ, планеталар хайдах үөскээбиттэрин салгыы чинчийиэхтэрэ.

Манна даҕатан эттэххэ, биһиги Ый биир эрэ өттүн көрөбүт. Ый анараа өттө үчүгэйдик  үөрэтиллэ илик этэ. 1959 сыллаахха аан бастаан хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ. Анараа өттүгэр күлүк буолбатах, Күн син биир сырдатар эрээри, Сир диэки наар биир өттүнэн хайыһа сылдьар, ол иһин кэтэх өттүн биһиги көрбөппүт.

Ый көстүбэт өттүгэр 2 улахан «муора» баар — Мечта уонна Москва диэн ааттаахтар. Элбэх кратер уонна кратер ситимэ баар. Саамай улахан кратер — Эткей соҕурууҥу полюска баар. Кытай зонда бу кратерга сылдьыбыт.

2019 сыллаахха «Чанъэ-4» кытай ыстаансыйата Ый анараа өттүгэр тиийэ сылдьыбыта уонна элбэхтик хаартыскаҕа түһэрбитэ. Ол түмүгэр килиимэккэ, география, геология өттүгэр арыйыылары оҥорбуттара. 

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: итирик уруулга олоруу тохтообот

Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

48 минут ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ суол кытыытыттан эр киһи өлүгүн буллулар

Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…

2 часа ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Саха Саарына Сааба»

Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

14 часов ago