Салгыы
Кытай дэлэгээссийэтэ Ыһыахха ыалдьыттыаҕа

Кытай дэлэгээссийэтэ Ыһыахха ыалдьыттыаҕа

17.06.2024, 11:00
Бөлөххө киир:

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Джулустан Борисов Кытай  Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Хэйлунцзян провинциятын Хэган куорат Норуодунай Бырабыыталыстыбатын мээрэ тойон Ван Синьчжу салайааччылаах дэлэгээссийэтин кытта көрүстэ.

“Кытайы кытта култуура уонна успуорт, наука уонна үөрэх, эргиэн уонна бырамыысыланнас эйгэлэригэр үгэс курдук ыкса үлэлэһэбит. 2023 сыл түмүгүнэн Кытай эргиэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бөдөҥ партнерунан буолар. Ааспыт сылга Саха сирин Кытайы кытта тас эргиэҥҥэ эргиирэ АХШ 2,6 млрд дуолларыгар тэҥнэстэ, 2019 сылтан 4,5 төгүл улаатан”, — диэтэ Джулустан Борисов.

Бастакы вице-премьер бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ уонна Хэган куорат энергетика, тыа хаһаайыстыбатын, электроннай эргиэн, үрдүк технологиялар, үп секторыгар бииргэ үлэлэһэр кыахтаахтар. Инвестицияҕа бырайыактары бииргэ үлэлэтиэхтэрин сөп.

Джулустан Борисов эрэгийиэҥҥэ инвестордарга көрүллэр чэпчэтиилэр, Саха сиригэр инвестиция бырайыактарын олоххо киллэриигэ алын түһүмэҕэр  судаарыстыба миэрэлэрин тустарынан кэпсээтэ.

“Биһиги үөрэхтээһин, култуура уонна атын эйгэлэргэ бииргэ үлэлииргэ бэлэммит. Биһиги дойдуларбыт лиидэрдэрэ РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна КНР бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпин  куруук бииргэ үлэлэһэр соруктары туруораллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Хэйлунцзян провинцията түһэрсибит дуогабардарын көхтөөхтүк олоххо киллэрэллэр, икки судаарыстыба икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны сайыннарыыга көмөлөһөн”,  – диэн тойон Ван Синьчжу бэлиэтээтэ.

Кини Хэган куорат Бүлүү улууһун кытта ыкса сыһыаны олохтообутун туһунан эттэ. Дэлэгээссийэ салгыы Бүлүү куоракка тиийиэҕэ, куорат үбүлүөйүн бырааһынньыгар уонна Ыһыахха кыттыаҕа.

Тойон Ван Синьчжу Кытай урбаанньыттара өрөспүүбүлүкэ сиригэр бэйэлэрин биисинэстэрин тэрийэргэ бэлэмнэрин туһунан иһитиннэрдэ, чуолаан, Кытайтан тиэхиньикэни аҕалыыга, ювелирнай оҥорон таһаарыыга, Саха сиригэр туистическай бырайыактары киллэриигэ. Ону тэҥэ Хэган куорат уонна Дьокуускай куорат доҕордоһууларыгар сөбүлэһии түһэрсиэхтэрин сөп.

Тойон Ван Синьчжу Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Харбиннааҕы көҥүл эргинии зонатыгар Хэйлунцзян провинциятыгар атыылыыр миэстэ биэрэргэ бэлэмнэрин туһунан эттэ.

“Өрөспүүбүлүкэ эргиэн уонна экэниэмикэ өттүгэр Хэган куораты уонна Хэйлунцзян провинцияны кытта бииргэ үлэлэһэргэ интэриэстээх. Биһиэхэ “Дьокуускай-Харбин” быһа рейс баара туризм эйгэтигэр бииргэ бырайыактары сайыннарарга табыгастаах. Бүлүү оройуонугар Ыһыахпытын кэрэхсиэххит дии саныыбыт. Үчүгэйдик сынньанан, биһиги култуурабытын уонна куухунабытын билсиэххит. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев уонна СӨ Бырабыыталыстыбата биһиги олохтообут сыһыаммытын өйүүллэр уонна кэҥэтэргэ бэлэмнэр”, — диэн түмүктээтэ Джулустан Борисов.

Санаттахха, Саха сирин 19 муниципальнай тэриллиитэ Хэйлунцзян провинциятын, Цзилинь уонна Ис Монголия автономнай оройуонун 23 куоратын кытта ыкса сибээһи олохтуур.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ уонна Хэган куорат араас хайысхаларга бииргэ үлэлэһэллэр. Ол курдук, 2023 сылга бу куорат дэлэгээссийэтэ Дьокуускайга “Якутия — провинции Китая: побратимские связи для укрепления российско-китайских отношений” пуорумҥа кыттыбыта. Оттон олох соторутааҕыта Арассыыйатааҕы-Кытайдааҕы VIII ЭКСПО-ҕа Бүлүү улууһа уонна Хэган куорат бырааттыы сыһыаннарын олохтуур сөбүлэһиигэ илии баттаспыттара.

Хэган куорат  Хэйлунцзян провинциятын хотугулуу-илин өттүгэр сытар. Кытай хотугулуу-илин өттүгэр дьоһун суолталаах киининэн буолар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: