2010 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпис чахчыларынан, Арассыыйаҕа 37843 киһи эбэҥки омугунан ааттаммыт. Сэрэйдэххэ, ити кэмтэн дьон ахсаана элбээбит буолуохтаах. Ол эрэн, сорохтор эбэҥки ахсаана бу сыыппараттан кырата икки бүк элбэх диэтэхпинэ, соһуйа истиэхтэрин сөп. Дьиҥэр – ыаллыы сытар дойдубутугар, Кытайга 40 тыһыынча кэриҥэ киһи эбэҥки омукка киирсэллэр. Хамниган, солон, орочон, яко, эбэҥки диэн ааттанар норуоттары барыларын эбэҥкинэн ааттыахха сөп. Ааспыт сүүрбэччэ сыл устата икки дойдунан олорор омук бэрэстэбиитэллэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса алтыһаллар, уопут атастаһаллар. Кытайга эбэҥкилэр хайдах олороллорун туһунан бу ыстатыйаҕа уопсай чахчылары хомуйан кэпсиэҕим.
2003 сылтан Кытай эбэҥкилэригэр хаста даҕаны ыалдьыттыы тиийэ сылдьыбыт “Илкэн” хаһыат эрэдээктэрэ Андрей Исаков бу туһунан маннык кэпсиир:
“Кытайга эбэҥкилэр сүрүннээн икки сиргэ түөлбэлэнэн олороллор – Эбэҥки автономнай хошунугар уонна Хэйлунцзян провинцияҕа. Түөрт туспа ааттаах улахан бөлөхтөргө арахсаллар, биллэн турар, бу бөлөхтөр кэпсэтэр тыллара туспа соҕус тутуллаах, саҥалара уратылардаах. Ол эрэн, кэпсэтэн бардахха, улахан уустугу көрсүбэккэ өйдөһүөххэ сөп. Бастакы тиийиибэр “өйдүөм дуо?” диэн кыра дьиксинии баара, ол эрэн, тиийээт даҕаны орочон эбэҥкилэри кытта холкутук кэпсэтэн барбытым. Сэрэйдэххэ, бэйэм филолог үөрэхтээх тыл чинчийээччитэ буоларым улаханнык көмөлөспүт буолуохтаах. Холобур, ол сыл бииргэ кэлсибит кырдьаҕастар сорох ардыгар ыарырҕатан, “тугу эттэ?” диэн тылбаастыырга көрдөһөр этилэр. Бүтүн Кытайдааҕы уопсай эбэҥкилэр түмсүүлэригэр түөрт бөлөх бэрэстэбиитэллэрэ бэйэ-бэйэлэрин кытта холкутук алтыһалларын үөрэ көрбүтүм, уонна Саха сирин эбэҥкилэрэ кинилэри кытта биир тылынан кэпсэтэр кыахтаахтарын өйдөөбүтүм”.
Дьэ, ити курдук. Сүүһүнэн көс ыраах сирдэргэ, хас даҕаны үйэ туспа сайдыбыт биир омук дьону холбуур тыл, сүрүннүүр өйдөбүллэрэ уларыйбакка кэлбитэ сөхтөрөр. Биллэн турар, тыл араас түөлбэлэргэ уратылардаах. Эбэҥки автономнай хошуна “Ис Монголия” диэн ааттанар провинцияҕа сытар, онон ордук улаханнык монгол тылын дьайыыта биллэр эбит. Үгүс Кытай эбэҥкилэрэ сылгы, бараан, сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлар эбит, ити үлэҕэ сигэммит олох-дьаһах, тыл олоҕор эмиэ дьайыылааҕа өйдөнөр.
Саха сиригэр эбэҥкилэр сүрүн дьарыктарынан табаны иитии ааҕыллар. Үөһээ этэн аһарбытым курдук, Кытайга эбэҥки үксэ сүөһү иитиитинэн дьарыктанар эбит. Эт-үүт урбаана Ис Монголия экэниэмикэтин тутаах хайысхата. Хамниганнар уонна солоннар сүрүн дьарыктара – сыспай сиэллээҕи иитии, ууһатыы. Барааны, сүөһүнү иитии – эмиэ олус сайдыбыт дьарык. Ону таһынан, үгүс эбэҥки оҕуруот аһын үүннэриитинэн дьарыктанар. Эрдэ элбэх эбэҥки уустара түүлээҕи бултаан олорбуттар. Ол эрэн, 2000-с сылларга уйгуурдар өрө турууларыттан сылтаан Кытайга сааны-саадаҕы туһаныы хааччахтааһына саҕаламмыт, судургутук эттэххэ, бары гражданнартан, ол иһигэр эбэҥкилэртэн, ытар сааларын барытын былдьаабыттар. Булчут эбэҥкилэр “Булт – олохпут укулаата, хайдах буолабыт?” диэн туруорсубуттарыгар, ити кэмҥэ байан-тайан барбыт Кытай бырабыыталыстыбата булчуттарга ыйдааҕы толуйуу харчытын анаабыт. Ону тэҥэ саҥа дьиэлэри тутан биэрбит, урбанизация саҕаламмыт. Бастакы сылларга саҥа дэриэбинэлэргэ биһиэхэ сэбиэскэй былаас кэминээҕи көстүү хатыламмыта үһү: сабыс-саҥа дьиэлэр аттыларыгар тордохтор турбуттар, дьон өҥөйөн да көрбөт дьиэлэрэ иччитэх турбуттар. Сыыйа дьиэтийэн, оҕуруот аһын үүннэрэн урукку олохторуттан тэйэн барбыттар. Билигин, тордох туруорар даҕаны уустук буолбут – баар мас барыта учуокка ылыллыбыт, тордох тутарга сиэрдийэ маһы туспа көҥүл ылан атыылаһыахха сөп буолбут. Бу биллэн турар, култуура харыстааһыныгар бэрт охсуулаах буолбут.
Кытайга 400 кэриҥэ ахсаанаах “йэкэ-эвэнкил” диэн ааттанар бөлөх таба иитиитинэн дьарыктанар. Аолугуй диэн ааттаах Гэньхэ куорат кытыы бөһүөлэгэр түөлбэлэнэн олороллор. Балары кытайдар Yаkùtè диэн ааттыыллар эбит. Ол аата… сахалар дуо? Суох. Бу 20 үйэ саҕаланыыта Өлүөнэ өрүс кытыытыттан көһөн кэлбит эбэҥкилэр сыдьааннара. “Йэкэ” диэн кэлбит сирдэрин ыйар аат. Сорох чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, өрөбөлүүссүйэ кэмигэр 700-чэ киһилээх таба иитиитэ дьарыктаах 12 аҕа уус көһөн кэлбит. Билигин таба төбөтө тыһыынча кэриҥэ, урут балачча элбэҕэ эбитэ үһү. Дьиҥэр, хотугу таба көрүҥ быһыытынан туундараҕа эрэ үөскээбэт, тыһыынчанан сыллар тухары Амур өрүс кытылынан элбэх таба үөрдээх омуктар көһө сылдьыбыттара, билигин даҕаны табаны иитии ити сирдэргэ баар.
Билиҥҥи олох идэлэриттэн эбэҥкилэр ортолоругар Кытайга биир ордук тарҕаммыт идэнэн байыаннай сулууспа эбит. Бу устуоруйаттан сабыдыаллаах көстүү – дойду кытыы сиригэр олорор аҕа уустара түҥ былыргыттан кыраныыссаны харыстыыр идэҕэ эриллэр эбиттэр. Онон пограничник быһыытынан хас да көлүөнэ устата сулууспалаабыт ыаллар аҕыйаҕа суохтар. Аҥаардас үрдүк сололоох генераллар Кытай аармыйатыгар эбэҥкилэртэн уонча киһи баар. Элбэх биллэр артыыстар, опера ырыаһыттара бааллар, урбаан эйгэтигэр үрдүк ситиһиилээх эбэҥкилэр дойду биллэр-көстөр дьонноро буолбуттар. Этиллибитин курдук, оҕуруот аһын олордуунан элбэх киһи дьарыктанар, урукку булчуттар, холобур, тэллэйи үүннэриигэ үлэлииллэр.
Андрей Исаков бэлиэтээһиннэриттэн: “Элбэҕи ситиспит, бас-көс ыаллар, оҕолорун атын дойдуларга – Японияҕа, Арассыыйаҕа, Европа дойдуларыгар үрдүк үөрэх ыла ыытар үгэстээхтэр. Ону тэҥэ, маннык ыал оҕолоро бары эбэҥкилии саҥараллар, дьиэҕэ төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэр. Биллэн турар, аныгы ыччат сороҕо кытайдыы саҥарар, төрүт тылтан, дьарыктан тэйэн эрэр. Ордук, урут булдунан олорбут дьон, саҥалыы укулаатынан олорорго күһэллибит дьон ортотугар бу көстүү баар. Ол эрэн, ситиһиилээх дьон ортотугар оҕону төрүт култуураҕа иитии олус күүстээх”.
2000-с сылларга Арассыыйаттан тиийэн алтыһыы кэмигэр биһиги дьоммут төрүт таҥастарын кэтэн тиийбиттэр, ырыаларын ыллаан иһитиннэрбиттэр, үгэстэрин туһунан кэпсээбиттэр. Иккис тиийиилэригэр хас даҕаны киһи кинилэр таҥастарын үтүгүннэрэн таҥас тиктибиттэрин көрбүттэр. Андрей Исаков тиһэх сырыытыгар Саха сирин эбэҥкилэригэр туттар оһуордара-дьарҕаалара Кытай эбэҥкилэригэр олус тарҕаммытын бэлиэтии көрбүт. Көннөрү үтүктүү буолбакка, эппитин сөпкө тутталларыттан сылыктаан, дириҥ чинчийии үлэтэ барбытын бэлиэтээн этэр. Сүүрбэччэ сыл иһигэр чугасаһыы, бэйэ-бэйэни өйдөһүү дириҥник барбыта көстөр.
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…