Кытай хампаанньатын кытта киинэ устарга сөбүлэһии түһэрсилиннэ
Дьокуускайдааҕы киинэ бэстибээлин аһыллыытыгар «Сахафильм» дириэктэрэ, продюсер Алексей Егоров дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрин билиһиннэрдэ.
Бу Казахстантан, Монголияттан, Санкт-Петербургтан кэлбит, киинэ эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар режиссердары, продюсердары кытта салгыы бииргэ үлэлэһэр былааннаахтар.
Холобур, Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин ханаалларыгар сэрийээллэри устар режиссеры кытта саха сэрийээлин устар былаан баарын Алексей Алексеевич тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Онтон Кытайтан кэлбит, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Ли Баохуа сыанаҕа тахсан, тыл эттэ:
— Мин Саха сиригэр төрдүс сырыым, онон доҕотторбор кэлбит курдукпун. Аан дойдуга элбэх бэстибээллэргэ сылдьыбытым эрээри, бүгүҥҥү курдук сылаас, истиҥ эйгэни өйдөөбөппүн. Олус үөрдүм, долгуйдум.
Былырыын Ил Дархан кэргэнин кытта Пекиҥҥэ кэлэ сылдьан, биһиги хампаанньабытыгар сылдьыбыта. Онно бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэрсибиппит. Бэҕэһээ Алексей Егоровы кытта бииргэ үлэлэһии ымпыгын-чымпыгын туһунан сиһилии кэпсэттибит.
Кытай уонна Саха сирин култуурунай сибээстэрэ бөҕөргүүрүгэр олук уурулунна, — диэн эттэ.
Тойон Ли Баохуа түмүгэр сахалыы »Уруй! Айхал!» диэбитин, көрөөччүлэр дохсун хаһыынан өйөөтүлэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: