Кытай туриһа Өймөкөөҥҥө айаннаан испит
ГАИ үлэтэ тиһиктээхтик салҕанар. СӨ ИДьМ ГАИ управлениетын ДПС туспа анал батальона айан суолларыгар ботурууллуур.
«Бүлүү» айан суолугар (ФАД) алдьаммыт «Тойота Эскудо» массыынаны Илбэҥэҕэ диэри илдьэн биэрдилэр. Саастаах кэргэнниилэр айаннаан испиттэр диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Онтон «Лена» айан суолун (ФАД) 205 км. госавтоиниспиэктэрдэр Кытай туриһа айаннаан иһэр микроавтобуһун тохтоппуттар. Омук киһитэ Саха сиригэр кыһыҥҥы тымныыга айанныыр хайдаҕын билбэккэ эрэ, тымныыга анаан ититиллибэтэх, оҥоһуллубатах, сайын эрэ айанныырга сөптөөх көлөнөн Өймөкөөҥҥө диэри айанныырга соруммут. Полиция үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, турист «буржуйканан» сылытынар эрэ эбит. Онтон атын тугу да оҥорор кыаҕа суох буоллаҕа. Массыына барыта кырыарбыт.
Суоппардаах көлө Ытык Күөлгэ тиэрдиллибит. Онно олохтоох мастарыскыайга көлөнү кыһыҥҥы тымныыга сылдьарга анаан сылытан, оҥорон биэриэхтэрэ. Ол кэнниттэн биирдэ турист баҕа санаатын толорон, Өймөкөөнү көрө салгыы айанныа диэн иһитиннэрэллэр.
Көлөнөн айаннааччыларга этэҥҥэ айанныылларыгар баҕараллар!
СӨ ИДьМ пресс-сулууспата
#ГАИ@mvd_sakha
#мвд14
#СпасибоПолицейский
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: