Кытай туриһа Өймөкөөҥҥө айаннаан испит

Share

ГАИ үлэтэ тиһиктээхтик салҕанар. СӨ ИДьМ ГАИ управлениетын ДПС туспа анал батальона айан суолларыгар ботурууллуур.

«Бүлүү» айан суолугар (ФАД)  алдьаммыт «Тойота Эскудо» массыынаны Илбэҥэҕэ диэри илдьэн биэрдилэр. Саастаах кэргэнниилэр айаннаан испиттэр диэн ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Онтон «Лена» айан суолун (ФАД) 205 км. госавтоиниспиэктэрдэр Кытай туриһа айаннаан иһэр микроавтобуһун тохтоппуттар. Омук киһитэ Саха сиригэр кыһыҥҥы тымныыга айанныыр хайдаҕын билбэккэ эрэ, тымныыга анаан ититиллибэтэх, оҥоһуллубатах, сайын эрэ айанныырга сөптөөх көлөнөн Өймөкөөҥҥө диэри айанныырга соруммут. Полиция үлэһиттэрэ иһитиннэрбиттэринэн, турист «буржуйканан» сылытынар эрэ эбит. Онтон атын тугу да оҥорор кыаҕа суох буоллаҕа. Массыына барыта кырыарбыт.

Суоппардаах көлө Ытык Күөлгэ тиэрдиллибит. Онно олохтоох мастарыскыайга көлөнү кыһыҥҥы тымныыга сылдьарга анаан сылытан, оҥорон биэриэхтэрэ. Ол кэнниттэн биирдэ турист баҕа санаатын толорон, Өймөкөөнү көрө салгыы айанныа диэн иһитиннэрэллэр.

Көлөнөн айаннааччыларга этэҥҥэ айанныылларыгар баҕараллар!

СӨ ИДьМ пресс-сулууспата

#ГАИ@mvd_sakha
#мвд14
#СпасибоПолицейский

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пасха бырааһынньыгын кэннэ өрөбүл күнэ тэриллиэ дуо?

Ярослав Нилов салайааччылаах ЛДПР дьокутааттара 2026 сылтан саҕалаан Пасха бырааһынньыгын кэнниттэн өрөбүлү бэнидиэнньиккэ көһөрөргө этиилээх…

14 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Борокуратуура ирдэбилинэн Орто Халыма олохтооҕун тырааныспар ыытар бырааба тохтотулунна

Орто Халыма оройуонун борокуратуурата суолга куттала суох буолуу быраабылатын сокуонун толоруутун бэрэбиэркэлээтэ. Силиэстийэ быһаарыытынан, суоппар…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Лабыкта доруобуйаҕа туһалаах

Лабыктаны аска-үөлгэ кутан сиир, оргуйбут итии ууга көйөрөн иһэр туһалаах дииллэр... Тумуу, кириип, сөтөл ыарыыта…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыталык айанын норуот күүһүнэн кэтээн көрүөхтэрэ

Бу Кыһыл кинигэҕэ киирбит сэдэх көтөрдөрү үөрэтиигэ, харыстыырга өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо бэйэтин кылаатын киллэриэн…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьааҥыга оҕону ыт ытырбытынан олохтоох дьаһалтаттан 100 тыһ. солк. ирдэннэ

Дьааҥы оройуон борокуратуурата иһитиннэрбитинэн, былырыын бэс ыйыгар Баатаҕайга сокуоннай сааһын илик оҕоҕо бэйдиэ сылдьар ыт…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саҥа фонтаны хаһан үлэлэтиэхтэрэй?

Өрөспүүбүлкэ болуоссатыгар баар саҥа фонтаны хаһан үлэлэтиэхтэрэй? Бу туһунан Дьокуускай куорат дьаһалтатын үлэһиттэрэ былааннарын кэпсээтилэр.…

2 часа ago