Кытай туриһын иккиһин быыһаатылар

Кытай туриһын иккиһин быыһаатылар

11.01.2025, 10:45
Хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспата.
Бөлөххө киир:

Кытайтан айаннаан Өймөкөөҥҥө баран иһэр туриһы быыһааччылар иккиһин быыһаатылар. Бу иннинэ кини кыһыҥҥы тымныыга айанныырга анаан оҥоһуллубатах, халыҥатыллыбатах массыынанан айаннаан иһэн, үлүйэ сыспытын быыһаан тураллар. Бу туһунан СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспата.

Бу сырыыга Быыһыыр сулууспа 4 быыһааччыта «Полюс холода» диэн экстремальнай марафоҥҥа үлэлии диэн, Дьокуускайтан Томтор сэлиэнньэтин диэки айаннаан испиттэр.

Тохсунньу 9 күнүгэр, киэһэ 10 чааска Күбэмэ диэн тоҥмот үрэхтээх сири ааһан иһэн, биир массыына суолтан туораан турарын көрбүттэр.

Массыына суолтан туораан, күүскэ иҥнэйэн турар, сууллар кутталлаах эбит. Массыынаҕа соҕотох киһи — Кытай туриһа тоҥон эрэр эбит. Бу сиргэ суол муустаах буолан, массыыната халтарыйан, суолтан туораабыт, эбиитин ууга түспүт. Онон турист инчэйэн, олох тоҥон эрэрин быыһаабыттар. Таһырдьа -46 кыраадыс тымныыга таҥаһа инчэйбит киһи өр барбат буоллаҕа.

Быыһааччылар хата, түбэһэ кэлэн, бэйэлэрин массыыналарыгар киллэрэн ириэрбиттэр, итии чэй иһэрдибиттэр, аһаппыттар. Кэпсэтэн билбиттэрэ, бу турист Таатта улууһунан ааһан иһэн, массыыната тоҥон хаалан, үлүйэ сыспытын, Таатта ГАИ-лара быыһаабыттар эбит. Бу киһи нууччалыы билбэт, төлөпүөҥҥэ баар тылбаасчыт нөҥүө кэпсэтэр.

Хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспата.

Саха сиригэр кыһын айанныыр туристар, айанньыттар Быыһыыр сулууспаҕа учуокка туруохтаахтар. тымныыттан харыстанар миэрэлэри тутуһуохтаахтар. Кытай туриһа халтаҥ соҕус таҥастаах этэ, биир эрэ сапернай лаппаакылаах, хотугу дойдуга маннык дьаһанан айанныыр сэрэхтээх. Массыына халыҥатыллыбыт буолуохтаах уонна туох баар наадалаах үнүстүрүмүөннэр, халыҥ таҥас, сибээс тэрилэ баар буолуохтаах, — диэн бөлөх ыстаарсайа Геннадий Алексеев бэлиэтээн эттэ.

+1
27
+1
1
+1
0
+1
0
+1
14
+1
0
+1
16
Бары сонуннар
Салгыы
11 января
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: