Кытайдар Саха сиригэр собуот арыйыахтара

Share

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов «Тунцзян Хэчжэ Чжаньци» хампаанньа бэрэссэдээтэлэ Фу Чуньшены кытта вездеходтары, пикаптары, массыыналары, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин  оҥорон таһаарар собуоту арыйыы туһунан боппуруоһу кэпсэттилэр.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

“Үлэ бары түһүмэҕэр эһигини кытта бииргэ үлэлииргэ бэлэммит. СӨ Инвестициялары тардыыга уонна экспорты өйөөһүҥҥэ ааҕыныстыбата бырайыагы олоххо киллэриигэ тэҥҥэ үлэлээн, үөскүүр боппуруостары уонна ыарахаттары быһаарыыга көмөнү оҥоруоҕа. Өссө биһиги эрэгийиэммитигэр урутаан сайыннарыы территориятын (ТОР) резиденэ буолан, нолуокка чэпчэтиинэн туһанар кыах баар», — диэн бэлиэтээтэ Дьулустаан Борисов.

«Тунцзян Хэчжэ Чжаньци» бэрэссэдээтэлэ Фу Чуньшен сыл бүтүөр диэри собуот аһыллыыта былааннанарын бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, Дьокуускайга бырайыак ситиһиилээхтик ыытыллара, килиимэт тыйыс усулуобуйатыгар тиэхиньикэни үчүгэйдик бэрэбиэркэлээһин хампаанньа Арассыыйаҕа үлэтин кэҥэтэр уонна Москваҕа филиал арыйар кыаҕы биэриэҕэ.

“Биһиги тэрилтэбит араас көрүҥнээх тиэхиньикэни, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах вездеходтары, ыарахан тиэхиньикэни, таһаҕас массыыналарын, эниэргийэни харыстыыр, экологияҕа кыра буортулаах ​​тиэхиньикэни оҥорон таһаарыынан дьарыктанар”, — диэн бэлиэтээтэ Фу Чуньшэн.

Төһө кыалларынан түргэнник оҥорон таһаарыыны саҕалыыр туһуттан, собуоту арыйарга бэлэм дьиэни атыылаһар кыахтаахтарын эттэ.

“Сөбүлэһиилэри уонна сүрүн быһаарыы ылыллыбытын учуоттаан, үлэни күүскэ  саҕалыахтаахпыт уонна собуоту түргэнник арыйар туһугар салгыы хардыылары оҥоруохтаахпыт. Бырайыак олоххо киирэригэр өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата кэлим өйөбүлү оҥоруоҕа», — диэн түмүктээтэ Дьулустаан Борисов.

Санатан эттэххэ, бу иннинэ 2024 сыл кулун тутар ыйыгар бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов «Тунцзян Хэчжэ Чжаньци» хампаанньа бэрэстэбиитэлэ Цуй Бинныын Саха сиригэр собуот арыйар туһунан кэпсэппиттэрэ.

«Тунцзян Хэчжэ Чжаньци» диэн атыы-эргиэн уонна бырамыысыланнай хампаанньа Кытай Тунцзян куоратыгар, Арассыыйаны кытта кыраныысса аттыгар баар. Хампаанньа Хэйлунцзян провинциятыгар баар наука, технология уонна инновация  тэрилтэтинэн буолар. Хампаанньа бэйэтин эйгэтигэр биир бастыҥ миэстэни ылар уонна Хотугулуу-Илиҥҥи Кытайга  чинчийэр, оҥорон таһаарар улахан баазалаах.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
14
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago