Кытайга 20 саастаах кыыс үлэтигэр сэмэлэниэҕиттэн ыла аһаабат да, хамсаабат даҕаны буолбут
Кытайга 20 саастаах кыыс үлэтигэр салайааччыта мөхпүтүн кэннэ аһаабат да, уу даҕаны испэт буолбут. Бу дьикти түгэн КНӨ Хэнань провинциятыгар быһа холуйан ый анараа өттүгэр бэлиэтэммит.
Дойду сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэрэ суруйалларынан, кыыс үлэтигэр сэмэлэниэҕиттэн туруга мөлтөөн барбыт: дьоно сыттыгын ыллахтарына төбөтө салгыҥҥа ыйанан хаалар, тахсан киир диэн эттэхтэринэ биирдэ толорор эбит. Эмчит, кыыс мастыйан («одервенение») хаалбыт уонна санаа тууйуллуутугар – кататоническай ступорга киирбит диэн быһаарбыт.
Балаҕан ыйыгар кыыс хотуммар сарсыардааҥҥы аһын атыылаһартан аккаастаммытым иһин үлэбиттэн уураттылар диэн кэпсээбит. Начаалынньыга киниэхэ сарсыарда аайы итии кофе, куурусса сымыытын аҕаларга уонна ыраас уулаах остуолга уурарын ирдиир эбит. Кыыс ити олоҕо суох ирдэбили үлэ чаатыгар быһаарсаары гыммытыгар хотуна кытаанах быыгабар биэрбит, ити кэнниттэн каадыр салаата төлөбүрэ суох үлэтиттэн үүрэргэ быһаарбыт. Онон санааҕа баттатыы бэйэтэ туспа ыарыы эбит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: