Кытайга кыыс ыал буоларыгар 35 сааһыттан эдэр буоллаҕына төлөбүр ананар буолла

Share

Кытайга Шаньси провинциятын Люйлян куоратыгар бырабыыталыстыбата ыал буолар кыыс 35 сааһын туола илик буоллаҕына 1,5 тыһыынча юань (20 тыһ. кэриҥэ солкуобай) төлөбүр аныырын туһунан иһитиннэрдэ.

Бу саҥа өйөбүл эрэгийиэҥҥэ дьиэ кэргэн уонна оҕо төрөөһүнүн ахсаанын аҕыйатыыны кытта сибээстээх: 2005 сылга 1 тыһ. киһиэхэ ортотунан 13,61 оҕо төрөөбүт, оттон 2023 сылга — 6,6.

Куорат дьаһалтатыгар быһаарбыттарынан, бу өйөбүл эдэр ыал эрдэ оҕолоноругар туһуланар. Бу түбэлтэҕэ кинилэр эбии төлөбүрдэри ылар кыахтаахтар: 2 тыһыынча кэриҥэ юань (27 тыһ. солк. кэриҥэ) — бастакы оҕоҕо, 5 тыһыынча кэриҥэ юань (68 тыһ. солк. кэриҥэ) иккис уонна 8 тыһыынча юань (108 тыһ. солкуобай) — үһүс оҕоҕо.

«Пэнпай» таһаарыы иһитиннэриитинэн, бу кэмҥэ маннык өйөбүллэри икки Кытай куората олохтообут уонна эдэр ыалга 1 тыһыынча юань (13 тыһ. солк.) матырыйаалынай көмөнү аныыллар.

Биллэрин курдук, билигин Кытайга демографическай балаһыанньа уустугурар — дьахтар уонна эр киһи ахсаана улаханнык араастыыр уонна аҕам саастаахтар ахсаана элбии турар. Бу биир төрүөтүнэн 1970-с сыллар бүтүүлэригэр «Биир дьиэ кэргэн-биир оҕо» диэн бэлиитикэ киирбитинэн ааҕыллар, оттон дэриэбинэлэргэ эдэр ийэ бастакы оҕото кыыс буоллаҕына икки оҕолонуон сөптөөҕө.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

2 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

2 часа ago