Салгыы
Кытайга саха дизайнера Изабелла Дордосова бэйэтин брендин билиһиннэрдэ

Кытайга саха дизайнера Изабелла Дордосова бэйэтин брендин билиһиннэрдэ

Ааптар:
05.10.2024, 10:30
Бөлөххө киир:

Саха сириттэн дизайнер-модельер Изабелла Дордосова Өлүөнэ эбэни ойуулуур ааптарскай кэлиэксийэтин Шанхайга норуоттар икки ардыларынааҕы World Fashion Exhibition аһымал быыстапкатыгар билиһиннэрдэ.

Кыыс аан бастакытын маннык улахан тэрээһиҥҥэ дойду чиэһин көмүскээтэ. Саҥа кэлиэксийэтин оҥорорго Кытай култууратын уонна архитектуратын туһаммыт.

«World Fashion Exhibition быыстапкаҕа миигин тэрийээччилэр бэйэлэрэ ыҥырбыттара. Кинилэр миигин хайдах буолан булбуттарыттан олус диэн сөхпүтүм. Бу иннинэ бастаан миэхэ үс ый анараа өттүгэр суруйбуттара, онтон кэлин быыстапка көһөрүллэр буолла диэн биллэрбиттэрэ. Мин кинилэргэ итэҕэйбэтэҕим, кэнники олус саарбахтаабытым.  Улаханнык суолтаҕа уурбакка, бэл, бэлэмнэммэтэҕим даҕаны. Онтон кэлин тэрээһин буолара ый иннинэ эмиэ иккиһин суруйбуттара уонна көтөн кэлэргэ бэлэммин туһунан ыйыппыттара. Онно биирдэ эрэ барыта дьиҥнээх эбит диэн өйдөөбүтүм. Ити курдук аан бастакыбын атын дойдуга үлэбин билиһиннэрдим», — диэн Изабелла Дордосова кэпсээтэ.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: