Саха сирин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университета уонна Чаньчуньскай научнай-тиэхиньиичэскэй институт Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр Саха-Цзилиньскай технологическай университеты арыйарга холбоһуктаах бырайыактарын олоххо киллэрэллэр. Устудьуоннары 2024-2025 үөрэх дьылыгар хайыы үйэ ылаллара былааннанарын туһунан ХИФУ пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр диэн ТАСС суруйар.
«Саха-Цзилиньскай технологическай университет Цзилинь Яньбянскай Корейскай автономнай провинциятын Лунцзин куоратыгар аһыллыаҕа. Үөрэх инженерияҕа, мэдиссиинэҕэ, экэниэмикэҕэ, менеджмеҥҥэ уо.д.а. бакалавриат систиэмэтинэн ыытыллыаҕа. Бастакы биэс сыллаах түһүмэххэ 6 тыһыынчаҕа тиийэ, иккис түһүмэххэ 12 тыһыынча устудьуону үөрэтэр былааннанар. Инникитин устудьуоннар ахсааннара 15 тыһыынчаҕа тиийиэҕэ”, — диэн пресс-сулууспаҕа иһитиннэрдилэр.
ХИФУ ректора Анатолий Николаев быһаарбытынан, бу үрдүк үөрэх кыһалара быйыл доҕордуу сыһыан олохтоммута уон сылын бэлиэтиэхтэрэ.
«Биллэн турар, коронавирус улахан мэһэйдэри үөскэппитэ. Түмсүүлээх буолуу уонна бэйэ-бэйэҕэ итэҕэйсии эрэ көмөтүнэн биһиги маннык суолталаах түгэҥҥэ тиийэн кэллибит. Бу биһиэхэ олус долгутуулаах уонна үөрүүлээх. Сыл бүтүөр диэри ылыллыбыт былааннар олоххо киириэхтэригэр эрэнэбит”, — диэтэ Анатолий Николаев.
Бырайыагы олоххо киллэрии түмүктүүр түһүмэҕэр кэллэ. Үлэни бэлэмниир кэмитиэт бу сыл бүтүүтэ КНР Үөрэххэ министиэристибэтин аккредитациятын ылар уонна 2024-2025 үөрэх дьылыгар устудьуоннары үөрэтэр былааннаах.
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…