Кытайга тахсан үөрэниэхтэрэ
«Муравьев-Амурский 2030» каадырдары бэлэмниир бырагыраамаҕа судаарыстыбаннай сулууспалаах буоларга бэлэмнэнэр эдэр дьон аан бастаан Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр баран стажировкаланар буолуохтара.
Кэм ирдэбилинэн, бу бырагыраамаҕа аан бастакытын тас дойдулар кыттыылара киирдэ. Манна «Сколково» оскуолата уонна МГУ Азия, Африка дойдуларыгар института кытталлар. Бырагыраама сороҕо Кытайга үлэлиэҕэ. Бу манна Арассыыйа илин диэки хайыспыт тас бэлиитикэтин суолтата бэлиэтэнэр.
— Уһук Илиҥҥэ үлэлээн, эдэр киһи улахан уопуту ылар, дьиҥ кыһалҕалары быһаарар кыахтанар. Биһиги дьоҥҥо туһалыыр судаарыстыбаннай сулууспалаахтары иитэн-үөрэтэн таһаарарга кыһаллабыт. «Муравьев-Амурский 2030» бырагырааманан Кытайга тахсан үөрэнэллэрэ кинилэргэ олус элбэҕи биэриэ дии саныыбын. Кытайдарга судаарыстыбаннай сулууспалаах буолуу дириҥ суолталаах, кинилэр аан бастаан үлэлэрин саамай кыра, уһук дэриэбинэттэн саҕалыыллар, уопутураллар, — диэн миниистир Алексей Чекунков эттэ.
«Муравьев-Амурский 2030» бырагырааманы Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтэ уонна Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыы корпорацията, «Сколково» салайыы оскуолата, Уһук Илиннээҕи федеральнай университет үһүс сылын үлэлэтэллэр. Бырагыраама сыала-соруга — Уһук Илин эрэгийиэннэригэр судаарыстыбаннай сулууспалаахтары бэлэмнээһин.
Эдэр дьон биир сыл үөрэнэн баран, Уһук Илин эрэгийиэннэригэр икки сылга үлэлии бараллар. Үс сыл устата барыта 150 киһи үөрэннэ. 63 выпускник номнуо сулууспалаан эрэллэр, кинилэр миниистир, миниистири солбуйааччы, губернатор сүбэһитэ, управление начаалынньыга, баһылык солбуйааччыта буолан үлэлииллэр.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: