Кытайга тахсар тимир суол күргэтин тутуу бырайыагын дьүүллэстилэр

Share

Дойду Тырааныспарга министиэристибэтигэр Джалинда (Арассыыйа) – Мохэ (Кытай) нэһилиэктэрин аттыгар Амур өрүһү туоруур тимир суол саҥа күргэтин тутуу бырайыагын боппуруоһугар сүбэ мунньах буолла.

Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит саҥа тырааныспар суолун тэрийии Саха сирин соҕуруу чох хампаанньаларын оҥорон таһаарар кыамталарын үрдэтиигэ уонна экспортнай-ориентированнай бородууксуйалаах саҥа бырайыактарга инвестордары тардыыга тирэх буолуоҕа. Дакылааччытынан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов кытынна.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Кини «Джалинда – Мохэ»  норуоттар икки ардыларынааҕы тимир суол күргэтин бырайыагын олоххо киллэрии суотугар Саха сирэ чох бородууксуйатын экспортыыр кээмэйин улаатыннарыы, ону тэҥэ таһаҕас таһыыга чугаһаан биэрэн чэпчиирин уонна сыаната аччыырын бэлиэтээтэ. Билигин таһаҕаһы тиэйиигэ инфраструктура кыаҕын таһымын куоһарар.

«Джалинда – Мохэ пуунунан  аһардыыга бырамыысыланнай бородууксуйаны экспортыыры эбии улаатыннарар былааннаахпыт: быйыл уонна эһиил 2,4 мөл. туоннаҕа диэри улаатыннаран, 2033 сылга 18 мөл. туоннаҕа диэри тиэрдиэхпит», — диэтэ Дьулустаан Борисов.

Кини этэринэн, бырайыагы олоххо киллэрии 2 тыһыынча км усталаах уһун суолу аччатар кыаҕы биэриэҕэ, оччотугар таһыы болдьоҕо кыччыыр. Кытай соҕуруу өттүгэр чоҕу тиэрдии саҥа маршрутун уопсай уһуна 2867 км усталаах тимир суол буолуоҕа. Уһук Илиннээҕи портар нөҥүө 4851 км буолар.

Дьулустаан Борисов бырайыак бастакы түһүмэҕин олоххо киллэриигэ, арендаҕа биэриини көҕүлүүргэ уонна «тоҥоруллубут» «Сковородино – Рейново» тимир суол лииньийэтин «Саха сирин тимир суоллара» АХ устааптаах хапытаалыгар биэриини көҕүлүүргэ этии киллэрдэ.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Ону таһынан кини «Джалинда» кыраныыссаны аһардар пуун үлэтин сөргүтэр үлэни түргэтэтэргэ, ол эбэтэр судаарыстыбаннай хонтуруол уорганнарын олохтуурга аналлаах эбийиэктэри тутууга тиэхиньиичэскэй соруктары туттарыахха наада диэтэ.

Үлэтин тохтотон турар «Сковородино – Рейново» тимир суол лииньийэтин чөлүгэр түһэриигэ билигин «Саха сирин тимир суоллара» АХ бэлэмнээҕин туһунан эттэ.

Тэрээһин кэмигэр Амур уобалаһын бырабыыталыстыбатын бэрэстэбиитэллэрэ, «ИЭРТ» АХ, Евраз бөлөхтөрө, «УК Колмар» ХЭО дакылааттарын оҥордулар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстабын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

12 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

13 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

13 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

15 часов ago