Салгыы
Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ 

Кытайга уонна Хотугу Кореяҕа барарга тимир суол сырыыта сөргүтүлүннэ 

12.12.2024, 17:30
Хаартыска: PxHere саайтан
Бөлөххө киир:

Арассыыйа тимир суоллара (АТС) Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдары тиэйиини сөргүтэллэр. Бу туһунан АТС пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Кытайы уонна КНДР-ы кытта пассажирдар сырыылара 2020 сыллаахха тохтотуллубута. Билигин, 2024-2027 сыллардааҕы айан графига олохтоммутунан, Суйфэньхэ – Гродеково маршрутунан 402/401 №-дээх норуоттар икки ардыларынааҕы пуойастар уонна Туманган – Хасан хайысхатынан 645/646 №-дээх норуоттар икки ардыларынааҕы пуойастар сырыылара сөргүтүлүннэ.

Кытай уонна Арассыыйа икки ардыгар 402/401 №-дээх пуойас 2024 сыл ахсынньы 15 күнүттэн күннэтэ айанныаҕа. Суйфэньхэ куораттан олохтоох бириэмэнэн 10:00 чааска, оттон Гродековоттан олохтоох бириэмэнэн 17:43 чааска тахсыаҕа.

КНДР уонна Арассыыйа икки ардыларынааҕы 645/646 нүөмэрдээх пуойас ахсынньы 16 күнүттэн нэдиэлэҕэ үстэ — бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ уонна бээтинсэҕэ айанныаҕа. Пуойас Туманган ыстаансыйаттан олохтоох бириэмэнэн 12:00 ч., оттон Хасан ыстаансыйаттан олохтоох бириэмэнэн 15:30 ч. Айаҥҥа турунуоҕа.

Бу иннинэ ахсынньы 15 күнүгэр Арассыыйа тимир суоллара үс сылга биирдэ – 2027 сыл ахсынньытыгар диэри – пассажирскай пуойастар саҥа араспысаанньаларын киллэрэллэрэ биллибитэ. Уопсайа, 2027 сыл ахсынньы 12 күнүгэр диэри 627 паара ыраах айанныыр пуойастар (“ол диэки” уонна “төттөрү” састааптар) сылдьаллара былааннанар, ол билиҥҥи графигы кытта тэҥнээтэххэ, 13 пааранан элбэх. Түргэн, үрдүк ускуорастаах пуойастар ахсааннара 405-тэн 410 паараҕа диэри улаатыаҕа. Арассыыйа тимир суоллара бэлиэтээбитинэн, баларга билиэт атыыта эрдэттэн аһылынна: дойду иһинээҕи пуойастарга – 90-120 суукка инниттэн, норуоттар икки ардыларынааҕы пуойастарга – 45-60 суукка инниттэн.

Маны кытта тэҥҥэ Арассыыйа тимир суоллара Саҥа дьыллааҕы айаннарга анал сыананы олохтообутун биллэрдэ. Ол курдук, ахсынньы 31 күнүгэр 19:00 чаастан уонна тохсунньу 1 күнүгэр күнү быһа Москва уонна Санкт-Петербург икки ардыгар сылдьар “Сапсаҥҥа” эконом-кылаастаах билиэттэр сыана аҥарыгар атыыланыахтара. Быйыл Саҥа дьыллааҕы билиэт сыаната 2025 солк. быһылынна. Маны таһынан, Арассыыйа тимир суоллара 2024 сыл ахсынньы 28 күнүттэн 2025 сыл тохсунньу 8 күнүгэр диэри Москва уонна Санкт-Петербург икки ардыларыгар эбии пуойастары ыыталларын биллэрдэ. Чуолаан, 764 уонна 766 №-дээх пуойастар киин куораттан 11:30 уонна 11:40 чаастан айанныахтара. Оттон Санкт-Петербургтан күн аайы 11:00 уонна 11:10 чаастан 763 уонна 765 нүөмэрдээх пуойастар эбии рейстэрэ киириэҕэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: