Кытайга уонна Казахстаҥҥа метапневмовирус тарҕаныыта бэлиэтэнэр
Былырыын ахсынньы 23-29 күннэригэр балыыһаларга ыарыһахтартан ылыллыбыт анаалыстарга метапневмовирус уонна риновирус тарҕаммыта чинчийиллэр. Бу туһунан Кытайга ыарыылары хонтуруоллуур уонна сэрэтэр управление иһитиннэрбитин РБК.ру суруйар.
Чинчийии түмүгүнэн сытыы респираторнай инфекционнай ыарыылар билигин дойду иһигэр күүскэ тарҕаммытын көрдөрдө. Чуолаан, 14 уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор ортолоругар метапневмовируска ылларбыт ыарыаһах ахсаана улаатар — ордук хотугу провинцияларынан бэлиэтэнэр. Бу иннинэ Кытайга вируска хаптарбыт дьон ахсаана элбиирин, балыыһа туолбутун туһунан Independent суруйан турар. Ол курдук, бу кыһын Кытай хотугу провинцияларыгар метапневмовирус (HMPV) ыарыы түбэлтэтэ эмискэ элбээбит, ордук күүскэ оҕолор ортолоругар тарҕаммыт.
Ахсынньы бүтүүтэ Money UDN суруйбутунан, метапневмовирустан киһи өлүүтүн таһыма 43%-ҥа тиийбит. COVID-19 ыарыыттан уратыта диэн түргэнник вируһу быһаарар реагеннар суохтар. Ону таһынан билигин бу вируһу эмтиир препарат суох, ыарыһахха иммунитеты күүһүрдэр эмтэри эрэ аныахха сөп.
Бу күннэргэ Казахстаҥҥа 30 киһи ыалдьыбытын туһунан Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. «Бу вирус Казахстаҥҥа грипп ыарыытын өрө көтөҕүллүүтүн кэмигэр атын инфекциялары кытта бииргэ тарҕанар», — диэн биэдэмистибэ ТГ-ханаалыгар этиллэр.
Метапневмовирус салгынынан тарҕанар, сибикитэ тумуу уонна грипп ыарыытыгар сөп түбэһэр: сөтөл, тумуу, аҕылааһын уонна төбө ыарыыта. Ыарыы чэпчэки көрүҥүнэн ааһар эрээри, доруобуйаҕа улахан охсуулаах буолуон сөп — мөлтөх иммунитеттаах дьон, ордук оҕолор уонна аҕам саастаахтар, пневмониялыыллар (ойоҕостотоллор).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: