Салгыы
Кытайга ВЭФ- 2024 көһө сылдьар сиэссийэтэ буолуоҕа

Кытайга ВЭФ- 2024 көһө сылдьар сиэссийэтэ буолуоҕа

Ааптар:
07.08.2024, 17:17
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум «Перспективы межрегионального сотрудничества Дальнего Востока России с провинциями Гуандун и Хэйлунцзян» сиэссийэтэ Гуанчжоуга атырдьах ыйын 8–9 күннэригэр ыытыллыа.

—Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ РФ стратегическай партнердарыттан биирдэстэринэн буолар.  Дойдубут икки ардыларыгар сыһыан саамай үрдүк таһымҥа турар уонна салгыы сайдар. Арассыыйа уонна КНР икки ардыларыгар доҕордуу сибээһи тутуһуу уонна сайыннарыы аан дойдуга туруктаах буолууну көрдөрөр. Онуоха аан дойду туруктаах буолуута уонна дойдулар икки ардыларыгар эрэллээх сыһыан дьоҥҥо-сэргэҕэ куттал суох буолуутун үөскэтэллэр. Бу уонна мантан да атын боппуруостары Кытай партнердарын кытта көһө сылдьар сиэссийэ кэмигэр дьүүллэһиэхтэрэ. Биллэн турар, биһиги кэллиэгэлэрбит Илин экэнэмиичэскэй пуорумҥа кытталларыттан үөрэбит, — диэн этэр Арассыыйа Федерациятын бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка  РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев.

—Арасыыйа уонна Кытай икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһин элбэх уобалаһы хабар, экэниэмикэни, атыыны- эргиэни, инвестицияны киллэрэн туран, бу биисинэһи салайыыга саҥа саҕахтары арыйар. Сыһыаны сайыннарар уонна бөҕөргөтөр улахан суолталаах, — диэн бэлиэтиир Уһук Илини уонна Акртиканы сайыннарыыга РФ миниистирэ Анатолий Бобраков.

Презентацияларга уонна оробуочай сиэссийэлэргэ Кытай биисинэһин 100-кэ бэрэстэбиитэлэ баар буолуоҕа, ол курдук логистика, нефтехимия, суудунаны тутуу, тыа хаһаайыстыбата уонна туризм курдук салаалартан бэрэстэбиитэллэр кыттыахтара. Ону тэҥэ Арассыйа өттүттэн бэрэстэбиитэллэр Гуандуҥҥа баар тэрилтэлэргэ сылдьаллара сабаҕаланар.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3410439 манна ааҕыҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -30°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: