Кытайы кытта доҕордуу сыһыан кэҥиир
Ил Дархан Айсен Николаев Кытайга “Биир эргимтэ, биир ситим” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы үһүс пуорумҥа кытынна.
СӨ Аҕа баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Евразия сүүнэ сирин-уотун ситимниир, бөҕөргөтөр хайысхалаах үлэни ыытыыга Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Хоту сир – Соҕуруу лиинийэ олохтонорун анаан бэлиэтээтбит. Арассыыйа Илиҥҥи дойдулары кытта сайдыы суолун тутуспутун инфраструктурнай бөдөҥ бырайыактар туоһулууллар: БАМ тимир суолун утаҕа Саха сиригэр кэлиитэ, Тиихэй акыйааннааҕы тимир суол, Өлүөнэ уонна Амур өрүстэригэр муоста тутуута, Хотугу Муустаах муора илиҥҥи учаастагар дириҥ уу терминалын тутуу.
Саха сирэ Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин кытта дьыалабыай сыһыаннары олохтоон, сайдыы суолугар үктэммитэ хаһыс да сыла. Көдьүүстээхтик үлэлиир бэрэстэбиитэлистибэлээх. Кэнники үс сылга эргиэн кээмэйэ түөрт төгүл улаатта. Эргиэҥҥэ, култуураҕа, IT индустрияҕа, киинэ уһулуутугар бииргэ үлэлээһин түмүгэр үгүс үлэ барда. Онон Саха сирэ Илиҥҥи дойдулары кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ далаһанан буолар эрэгийиэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: