«Кыталыктаах кырдалым» киинэни Кытайга көрдөрүөхтэрэ
Михаил Лукачевскай режиссердаах «Кыталыктаах кырдалым» киинэ Кытайга Роскино өйөбүлүнэн ыытыллар Арассыыйа киинэтин күннэрин бырагырааматыгар киирдэ. Саха киинэтин Пекиҥҥэ, Нанкиҥҥэ уонна Шэньчжеҥҥэ көрдөрүөхтэрэ.
«Кыталыктаах кырдалым» киинэҕэ аҕыс саастаах Ваня диэн уол туһунан көстөр. Кини ийэтэ өлөн баран кыталыкка кубулуйбутугар итэҕэйэр уонна көрсө сатыыр. Киинэни Иван Дьячковскай-Кыталык Уйбаан «Кустугу ситтэрбиэн» диэн сэһэнигэр олоҕуран устубуттара.
«Саха киинэтин Кытай үс улахан куоратыгар көрдөрүөхтэрэ, режиссер Михаил Лукачевскай Арассыыйа киинэтин күннэригэр кыттыаҕа», — диэн киинэ продюсера Семен Аманатов иһитиннэрэр.
«Кыталыктаах кырдалым» киинэни атырдьах ыйын 5 күнүгэр 19 ч. Пекиҥҥэ, атырдьах ыйын 10 күнүгэр 13 ч. Нэньчжеҥҥэ уонна 14 ч. Нанкиҥҥэ көрдөрүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: