Суудунаны кытылга тиксиһиннэрэр анал сир баар буолуо
Дьокуускайга салгын уйуктаах суудуналары кытылга тиксиһиннэрэр анал сир баар буолуо.
Тиксиһиннэрэр сир Дьокуускай куорат 204 микрооройуонугар быйыл алтынньыга диэри оҥоһуллуо диэн СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн иһитиннэрэллэр.
Бүгүн эбийиэк бырайыактыыр-сметнай докумуонун оҥорон түмүктүүллэр. Көлө тыаһын-ууһун учуоттаан, санитарнай быраабыла ирдэбилигэр эппиэттиир учаастак быһаарыллыбыт.
«203 түөлбэ олохтоохторо, суудуна тиксэр сириттэн тыас-уус түүн кытта олус улаханнык иһиллэрин туһунан хаста да үҥсүү суруйан тураллар. Оттон билигин, суудуна тиксэр саҥа сирэ, олорор дьиэлэртэн сөптөөҕүн тэйиччи«, — диэн этэр Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Семен Коркин.
Тутар-монтажтыыр үлэлэр сайын былааннаналлар. Сирин-уотун кутан оҥоруохтара. Билигин суудуна тохтуур сиригэр тиийэр суолу-ииһи бырайыактааһын ыытыллар. Ону 2023-2024 сылларга оҥоруохтара. Суол пуондатыттан манна үп-харчы көрүллүбүт.
Кэлин итиннэ оптуобус тохтуур, массыынаны туруорар сирдэниэ, айанныыр дьоҥҥо аналлаах тупсаҕай саала баар буолуо.
Быйыл сэтинньиттэн тырааныспар-логистика схемата уларыйыа, суудуналар 203 микрооройуонтан буолбакка, аны, 204 түөлбэҕэ «Намыв» ыстаансыйаттан сылдьар буолуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: