Салгыы
Кыһыл Сыырга эдэр исписэлиистэргэ анаан дьиэ тутуохтара

Кыһыл Сыырга эдэр исписэлиистэргэ анаан дьиэ тутуохтара

31.07.2024, 18:15
Хаартыска: sakha.gov.ru саайтан
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйыттан Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир эдэр исписэлиистэргэ анаан элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуута саҕаланарын туһунан СӨ Тутуу министиэристибэтигэр эттилэр.

Ол курдук, эдэр исписэлиистэргэ анаан Мичурин уулуссатыгар 8 кыбартыыралаах 2 этээстээх олорор дьиэ тутуллуо.  Кыбартыыралар уопсай иэннэрэ 346,2 кв. м. иэннээх буолуоҕа. Эбийиэги 2026 сыл IV кыбартаалыгар киллэрэр былааннаахтар.

Кыһыл Сыырдааҕы элбэх кыбартыыралаах дьиэ “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын” бырагырааманан итиэннэ “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” Саха сирин судаарыстыбаннай бырагырааматынан тутуллар.

Санатан эттэххэ, 2020-2024 сс. “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын” бырагыраама чэрчитинэн 47 эбийиэк, ол иһигэр эдэр исписэлиистэргэ аналлаах 12 олорор дьиэ үлэҕэ киирбитэ.

Быйыл маннык тус сыаллаах 10 дьиэ тутулла турар, онтон үһэ быйыл киириэхтээх, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: