Атырдьах ыйыттан Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир эдэр исписэлиистэргэ анаан элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуута саҕаланарын туһунан СӨ Тутуу министиэристибэтигэр эттилэр.
Ол курдук, эдэр исписэлиистэргэ анаан Мичурин уулуссатыгар 8 кыбартыыралаах 2 этээстээх олорор дьиэ тутуллуо. Кыбартыыралар уопсай иэннэрэ 346,2 кв. м. иэннээх буолуоҕа. Эбийиэги 2026 сыл IV кыбартаалыгар киллэрэр былааннаахтар.
Кыһыл Сыырдааҕы элбэх кыбартыыралаах дьиэ “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын” бырагырааманан итиэннэ “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” Саха сирин судаарыстыбаннай бырагырааматынан тутуллар.
Санатан эттэххэ, 2020-2024 сс. “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” үтүө дьыала бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын” бырагыраама чэрчитинэн 47 эбийиэк, ол иһигэр эдэр исписэлиистэргэ аналлаах 12 олорор дьиэ үлэҕэ киирбитэ.
Быйыл маннык тус сыаллаах 10 дьиэ тутулла турар, онтон үһэ быйыл киириэхтээх, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…